Быйыл атын сиртэн оту атыылаһыы суох буолуо

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар быһа эпииргэ быйылгы от хампаанньатын туһунан эмиэ ахтан ааста.

Аны атын эрэгийиэнтэн оту атыылаһыы суох буолуо диэн кини тоһоҕолоон эттэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ 450-н тахса туонна оту бэлэмниир былааннаахпыт. Үгүс улуустарга от үүнүүтэ үчүгэй. Арай, ходуһалара ууга баран, кыһалҕалаах Горнай, Бүлүү бөлөх, Эбээн Бытантай, Кэбээйи улуустарыгар ыраата барбакка, бэйэлэрин истэригэр мобильнай биригээдэлэри тэрийэн оттотуохпут. Онно сөптөөх үп быйыл көрүлүннэ. Атын эрэгийиэнтэн урукку курдук оту атыылаһан тарҕатыы суох буолуоҕа, үлэ былаан быһыытынан барыаҕа», – диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Николаев.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ элбэх тиэхиньикэ тарҕанна диэн Ил Дархан этиитин түмүктээтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

11 часов ago