Биэнсийэ реформатын түмүгэр 2025 сылга биэнсийэҕэ тахсарга ахсаанынан наадалаах биэнсийэ коэффициенын мунньуммут уонна страховой ыстаастаах буолуохтааххын.
2025 сылга биэнсийэҕэ тахсарга саамай кырата 15 сыл үлэ ыстааһа ирдэнэр. Бу туһунан НИУ ВШЭ быраап факультетын декана, бэрэпиэссэр Вадим Виноградов кэпсээтэ.
«Биэнсийэ коэффициена (ИПК) биэнсийэҕэ усунуоһу төлүүр сууматыттан, үлэ ыстааһыттан уонна биэнсийэни болдьоҕун уһатыыттан ылыы чахчытынан көрөн ааҕыллар. 2025 сылга биэнсийэҕэ тахсарга 30-тан итэҕэһэ суох биэнсийэ коэффициена наада», — диэн Вадим Виноградов эттэ.
Куһаҕан үлэ усулуобуйалаахтар биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп: дьахталлар — 45, эр дьон — 50 саастарыгар, итини кытта 7,5 уонна 10- тан итэҕэһэ суох үлэ ыстааһа ирдэнэр, мантан үлэ ыстааһа уопсайа 15-тэн уонна 20-тэн итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Элбэх оҕолоох ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп: 57 саастаарыгар үс оҕолоох буоллахтарына, түөрт оҕолоохтор — 56 саастаарыгар, биэс уонна онтон элбэх оҕолоохтор — 50-тан тахса саастарыгар, итини кытта 15-тэн итэҕэһэ суох үлэ ыстааһа уонна коэффициена ирдэнэр.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…
Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…
Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …