Быйыл доруобуйа харыстабылын үс саҥа эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ

Саха сиригэр сыл бастакы аҥаарыгар доруобуйа харыстабылын үс саҥа эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ. Ол курдук Нерюнгри киин балыыһатыгар дьахталлар консультацияларын эбийиэгэ арылынна.
Нам улууһун Граф Биэрэгэр уонна Маймаҕа нэһилиэгэр билсэр-акушер пууна тутуллан үлэҕэ киирбит. Маны таһынан сыл бүтүөр диэри Сангаарга поликлиника тутуута түмүктэниэхтээх, Нижнеянскайга, Усуйаана Хайырыгар ФАП-тар үлэҕэ киириэхтэрэ.
Аллайыаха Оленегрскайыгар уонна Булун Сииктээҕэр эмиэ маннык пууннар тутуллуохтара. Саха сиригэр уопсайа доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах 18 эбийиэк тутулла турар. Балар истэригэр Амма улууһун киинигэр 200 миэстэлээх поликлиника, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар, Кэбээйи Сангаарыгар балыыһа комплекстара, Бүлүү, Ньурба, Нам нэһилиэктэригэр, Үөһээ Бүлүү Андреевскайыгар эмтиир куорпустар, Аллараа Бэстээххэ балыыһа тутуллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: