Салгыы
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык быыбардар буолуохтарай?

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык быыбардар буолуохтарай?

11.01.2023, 19:30
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи Быыбар киин хамыыһыйатыгар 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык быыбардар буолалларын иһитиннэрдилэр. 

Быыбар киин хамыыһыйата иһитиннэрэринэн, 2023 сылга эрэгийиэҥҥэ 61 быыбардыыр хампаанньа былааннанар, ол иһигэр, Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ баһылыгын талыахтара. Ону таһынан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) уонна Дьокуускай  куорат думатыгар дьокутааттары талыахтара.

Дьокутааттар оройуоннааҕы сэбиэттэрин састааба 21 улууска — Алдаҥҥа, Аммаҕа, Анаабырга, Үөһээ Халымаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Муомаҕа, Намҥа, Нерюнгрига, Ньурбаҕа, Өлөөҥҥө, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Уус Маайаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга, Эбээн Бытайга саҥардыллыаҕа. Онтон 9 улууска — Үөһээ Халымаҕа, Горнайга, Кэбээйигэ, Намҥа, Эбээн Бытантайга, Уус Алдаҥҥа, Уус Маайаҕа, Усуйаанаҕа уонна Тааттаҕа баһылыктары талыы быыбардара буолуохтара.

Саха сиригэр 21 сэлиэнньэ баһылыгын талар хампаанньа уонна сэттэ бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутааттарын быыбардара эмиэ быйылгы сылга былааннаналлар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ куоластааһын барыларыгар балаҕан ыйын 10 күнүгэр ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: