Быйыл ханнык сыллаах төрүөхтэр биэнсийэҕэ тахсалларый?

Share

Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп.

Ол курдук, 2025 сылга 55 саастарын (1970 с.т.) туолбут дьахталлар, ону тэҥэ 60 саастарын (1965 с.т.) туолар эр дьон биэнсийэҕэ тахсар кыахтаахтар. Бу туһунан Социальнай пуонда саайта суруйар.

Онуоха дьахталлар 20-тэн итэҕэһэ суох страховой ыстааһы мунньунуохтаахтар, оттон эр дьон — кырата 25 сыл. Итинтэн Уһук Хоту 15-тэн итэҕэһэ суох сыл, эбэтэр онно тэҥнээх сирдэргэ 20-тэн итэҕэһэ суох үлэлээбиттэрэ ирдэнэр. Ону таһынан мунньуллубут биэнсийэ баала 30-тан тахса буолуохтаах.

Санаттахха, эрдэ болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп — табаһыттар, балыксыттар уонна булчуттар. Дьахталлар 45 саастарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бырааптаахтар, бу кэмҥэ 20 сыл үлэ ыстааһы мунньуммут буоллахтарына, оттон эр дьон 50 саастарыгар —  толору 25 сыл үлэ ыстааһыгар.

Дьахталлар икки эбэтэр онтон элбэх оҕону төрөөбүт буоллахтарына биэнсийэҕэ 50 саастарыгар тахсаллар. Манна Уһук Хоту сиргэ үлэ ыстааһа 12 сыл эбэтэр онно тэҥнээх сирдэргэ үлэ ыстааһа 17 сыл эбэтэр онтон элбэх буолуохтаах.

2025 сылга  биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп:

  • 20-тэн итэҕэһэ суох уопсай үлэ ыстаастаах Уһук Хоту 12 сыл эбэтэр 17 сыл онно тэҥнээх сирдэргэ үлэлээбит икки уонна онтон элбэх оҕолоох 1975 с.т. дьахталлар;
  • 15 сыл итэҕэһэ суох үлэ ыстаастаах 5 уонна онтон элбэх оҕолоох, 8 саастарыгар диэри иитэн таһаарбыт 1975 с. төрүөх дьахталлар;
  • инбэлиит оҕолоох төрөппүттэртэн биирдэстэрэ: 15 уонна 20 сыл үлэ ыстаастаах 50 саастарын туолбут дьахталлар уонна 55 саастарын туолбут эр дьон;
  • куһаҕан усулуобуйалаах үлэлээх эр дьон уонна дьахталлар. Эр дьон 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп, уопсайа 20 сыл уонна анал 10 сыл үлэ ыстаастаах буоллахтарына, ол эбэтэр 55 саастарыгар — уопсайа 25 сыл уонна анал 12,6 сыл үлэ ыстаастааҕа ирдэнэр. Дьахталлар 50 саастарыгар биэнсийэҕэ барыахтарын сөп – уопсайа 20-тэн тахса сыл уонна анал 10 сыл үлэ ыстааһа ирдэнэр, ол эбэтэр 45 саастарыгар уопсайа 15 сыл уонна анал 7,5 сыл үлэ ыстааһа баар буолуохтаах.
What’s your Reaction?
+1
11
+1
2
+1
1
+1
0
+1
3
+1
1
+1
10

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago