Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

Ааптар:
07.01.2025, 16:20
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара.

Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал туһаайыытыгар бэлиэтээбитинэн, Полярнайга уонна Өлүөхүмэҕэ аэропортары саҥардан оҥоруу үлэлэрэ түмүктэниэхтэрэ, оттон Мииринэйгэ саҥаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

«2025 сылга Өлүөхүмэ уонна Полярнай аэропортарыгар салгын ааллара көтөр-түһэр балаһаларын саҥардан оҥорууну түмүктүөхтээхтэр. Мииринэйгэ саҥа аэровокзал уонна салгын аалын көтөр-түһэр балаһата тутуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр«, — диир Ил Дархан.

Ону сэргэ, «Тырааныспар инфраструктуратын модернизациялааһын» национальнай бырайыак иитинэн, 2028-2030 сс. өссө түөрт порду саҥардан оҥоруу былааннанар. Бу Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа, ону сэргэ Полярнайга аэропорт иккис уочарата.

Санатар буоллахха, 2019-2024 сс. «Эрэгийиэн аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 11 аэропорт саҥардыллыбыт. Бу Дьокуускайга, Черскэйгэ, Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгригэ уонна Уус Ньараҕа.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

СИА хаартыската

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: