2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара.
Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал туһаайыытыгар бэлиэтээбитинэн, Полярнайга уонна Өлүөхүмэҕэ аэропортары саҥардан оҥоруу үлэлэрэ түмүктэниэхтэрэ, оттон Мииринэйгэ саҥаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
«2025 сылга Өлүөхүмэ уонна Полярнай аэропортарыгар салгын ааллара көтөр-түһэр балаһаларын саҥардан оҥорууну түмүктүөхтээхтэр. Мииринэйгэ саҥа аэровокзал уонна салгын аалын көтөр-түһэр балаһата тутуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр«, — диир Ил Дархан.
Ону сэргэ, «Тырааныспар инфраструктуратын модернизациялааһын» национальнай бырайыак иитинэн, 2028-2030 сс. өссө түөрт порду саҥардан оҥоруу былааннанар. Бу Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа, ону сэргэ Полярнайга аэропорт иккис уочарата.
Санатар буоллахха, 2019-2024 сс. «Эрэгийиэн аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 11 аэропорт саҥардыллыбыт. Бу Дьокуускайга, Черскэйгэ, Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгригэ уонна Уус Ньараҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
СИА хаартыската
Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…
Кылтасов Дмитрий Николаевич төрөппүттэригэр ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…
Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…
Дьэ, кырдьык дьикти түгэн Кэбээйигэ Ороһооспо күн буолла. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар иһийэн турар тыаны оҕолор…
Сарсыҥҥыттан академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” билим кэмпириэнсийэ-эдэр чинчийээччилэр куонкурустара саҕаланар. Барыта 1600-тэн…
Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит "Култуура" национальнай бырайыагынан Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр Култуура дьиэтэ уонна Мэҥэ…