Быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ аһыллыаҕа
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр саҥа эбийиэк “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.
51 куойка-миэстэлээх интэринээт-дьиэ кырдьаҕастар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сылы быһа олороллоругар аналлаах. Икки мэндиэмэннээх, 5 тыһыынча кв.м. тахса уопсай иэннээх дьиэ икки блоктаах: олорор уонна уопсай.
Бастакы этээскэ кэлээскэлээх инбэлииттэргэ икки миэстэлээх 3 олорор хос көрүллэр. Ону сэргэ 46 миэстэлээх остолобуой баар. Үлэнэн терапияҕа аналлаах столяр-силиэсэр мастырыскыайа, таҥас сууйар сир, тиэхиньиичэскэй хостор бааллар.
Онтон 2-с этээскэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор, култуурунай-маассабай уонна физкултууранан дьарыктанар, куруһуоктар ыытыллар уонна дьаһалта хосторо бааллар. Актовай саала 42 олорор миэстэлээх.
Санатан эттэххэ, аныгы интэринээт дьиэлэр Томмокко, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Намҥа үлэҕэ киллэриллибиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: