Салгыы
Быйыл «Муус устар» ыччат бэстибээлэ бэһис үбүлүөйдээх сылын ыытыллыаҕа

Быйыл «Муус устар» ыччат бэстибээлэ бэһис үбүлүөйдээх сылын ыытыллыаҕа

Ааптар:
29.01.2025, 13:30
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Муус устар» ыччат бэстибээлигэр бэлэмнэнии тэрээһиннэрин саҕалаатылар. Ол курдук, бэстибээл хайысхалара уонна куонкурустара бигэргэтилиннилэр. Кулун тутар 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан Дьокуускайга финалга күрэхтэһэ ыччат түмсүөҕэ. Бэстибээл финаллааҕы шоута кулун тутар 22 күнүгэр «Өрөгөй» успуорт комплексыгар ыытыллыаҕа.

Быйыл бэстибээл 12 хайысханан ыытыллыаҕа: «Воплощай и вдохновляй», «Якутия – твоя сила духа», «Перспектива в познании», «Вперед к победам!», «Медиа-будущее: расскажи о важном!», «Развивайся в Якутии!», «Добываем будущее вместе!», «Созидай и создавай!», «Твори добро!», «ЭТнО-МЫ!», «Россия – страна возможностей!», «Защитник Родины!».

«Кыайыы 80 сылы көрсө, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан Саха сиригэр дойдуга бэриниилээх буолуу тиэмэтэ күүһүрдүлүннэ. Холобурдаан эттэххэ, быйыл бэстибээлгэ «Защитники Родины!» диэн саҥа хайысха баар буолла, манна дроннар күрэхтэһиэхтэрэ», — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: