Быйыл нуорматтан элбэх хаар түстэ
«Быйыл халаан уута өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр судургута суохтук ааһар туруктаах», – диэн СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.
Нам улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 2023 сылга сааскы халаан уута ааһарын кэтиир, сэрэтэр оробуочай бөлөх мунньаҕа ыытылынна.
Мунньахха Гидрометеосулууспа Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Вячеслав Шехиров бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нуорматтан элбэх хаар түһэн, халаан уута ааһыытыгар уустук балаһыанньа үөскүөн сөп.
Ол курдук, былырыын баччаларга хаар түһүүтэ 103% эбит буоллаҕына, бу көрдөрүү быйыл 145% тэҥнэспит.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Анатолий Павлов, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр баһылыктара уонна тустаах тэрилтэ салайааччылара сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан иһитиннэрии оҥордулар, боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Түмүккэ, үлэлиир бөлөх улууска халаан иннинээҕи бэлэмнэнии үлэлэрин былаан быһыытынан баралларын уонна итэҕэстэри туоратыыга эбии тустаах дьаһаллары ылынан үлэни салгыы ыытарга эттилэр.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: