Быйыл нуорматтан элбэх хаар түстэ

Share

«Быйыл халаан уута өрөспүүбүлүкэ  өрүстэригэр судургута суохтук ааһар туруктаах», – диэн СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.

Нам улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 2023 сылга сааскы халаан уута ааһарын кэтиир,  сэрэтэр оробуочай бөлөх мунньаҕа ыытылынна.

Мунньахха Гидрометеосулууспа Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Вячеслав Шехиров  бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн нуорматтан элбэх хаар түһэн, халаан уута ааһыытыгар уустук балаһыанньа үөскүөн сөп.
Ол курдук, былырыын баччаларга хаар түһүүтэ 103% эбит буоллаҕына, бу көрдөрүү быйыл 145% тэҥнэспит.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Анатолий Павлов, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр баһылыктара уонна тустаах тэрилтэ салайааччылара сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан иһитиннэрии оҥордулар, боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Түмүккэ, үлэлиир бөлөх улууска халаан иннинээҕи бэлэмнэнии үлэлэрин былаан быһыытынан баралларын уонна итэҕэстэри туоратыыга эбии тустаах дьаһаллары ылынан үлэни салгыы ыытарга эттилэр.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

21 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

36 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

52 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago