Салгыы
Быйыл оттооһун хаамыыта хайдаҕый?

Быйыл оттооһун хаамыыта хайдаҕый?

17.07.2024, 14:39
Аксиния Шестакова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Оттооһуҥҥа быйылгы былаан — 435 тыһыынча туонна. «Былырыыҥҥытааҕар хаалан иһэбит», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр эттэ.

Былааны толорор туһуттан, мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин күүһүрдүөхтэрэ.

— От ыйын саҥатыгар кураан күннэргэ илин эҥээр уонна киин улуустар отчуттара ходуһаҕа хойутаан киирдилэр. Кураан буолан, от ситэ илик этэ. Ардахтар кэннилэриттэн от үүнүүтэ үчүгэй буолуо диэн эрэнэбит. Билиҥҥитэ 2,5 тыһыынча туонна от кэбиһилиннэ диэн отчуоттаатылар, бу былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр аҕыйах. Ол эрээри, аграрийдар былааны толоруохтара дии саныыбын, — диэн кини эттэ.

Ыраах сытар, суола-ииһэ суох, тиэхиникэ тиийбэт ходуһаларыгар мобильнай биригээдэлэр баран оттууллара үтүө үгэскэ кубулуйбута.

Былырыын 466 тыһыынча туонна от оттоммута, ол иһигэр, мобильнай биригээдэлэр 34,6 тыһыынча туонна оту, 28,5 тыһыынча туонна сиилэһи, 15,7 тыһыынча туонна сенаһы бэлэмнээбиттэрэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: