Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ — Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах уһуллубут киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа.
Киинэ сюжетын миэстэтигэр суруйбуттар, манна Ил Дарханы киллэрэн туран, чахчы Хоту дойду сирин олохтоохторо уһуллубуттар. Сүрүн идиэйэтэ — хоту сиргэ бэйэни булуу уонна эр санааланыы буолууну көрдөөһүн. Сүрүн дьоруойга Дьокуускай пордуттан сымыыт тиксэрэргэ көрдөһөллөр, ол гынан баран, кини бу сымыыты мэлдьи умнууга хаалларар, оттон дьиҥинэн ыллахха бүтэһигэр бэйэтигэр илдьэ тиийбитэ биллэр. Маннык ураты киинэни уһуларга кини ааптардара Бэрэсидьиэн Гранын ылбыттар — 3 мөл. солк. тахса суума харчыны. Бу туһунан Газета.ру суруйар.
«Почему мамонты вымерли» киинэҕэ биир артыыс оонньуур, кини киинэ сүрүн дьоруойа Андрей Стаханов оруолун толорор. Оттон атын артыыстар бу киинэҕэ бары дьиҥнээх Тиксии бөһүөлэгин олохтоохторо буолаллар. Итини таһынан хартыынаҕа Ил Дархан Айсен Николаев полярник оруолун толорорго сөбүлэспит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: