Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Share

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ — Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах уһуллубут киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа.

Киинэ сюжетын миэстэтигэр суруйбуттар, манна Ил Дарханы киллэрэн туран, чахчы Хоту дойду сирин олохтоохторо уһуллубуттар. Сүрүн идиэйэтэ — хоту сиргэ бэйэни булуу уонна эр санааланыы буолууну көрдөөһүн. Сүрүн дьоруойга Дьокуускай пордуттан сымыыт тиксэрэргэ  көрдөһөллөр, ол гынан баран, кини бу сымыыты мэлдьи  умнууга хаалларар, оттон дьиҥинэн ыллахха бүтэһигэр бэйэтигэр илдьэ тиийбитэ биллэр. Маннык ураты киинэни уһуларга кини ааптардара Бэрэсидьиэн Гранын ылбыттар — 3 мөл. солк. тахса суума харчыны. Бу туһунан Газета.ру суруйар.

«Почему мамонты вымерли» киинэҕэ  биир  артыыс оонньуур, кини киинэ сүрүн дьоруойа Андрей Стаханов оруолун толорор. Оттон атын артыыстар бу киинэҕэ  бары дьиҥнээх Тиксии бөһүөлэгин олохтоохторо буолаллар. Итини таһынан хартыынаҕа Ил Дархан Айсен Николаев полярник оруолун толорорго  сөбүлэспит.

«Киинэ сюжета  Севастополь тыйаатырын артыыһа полярник оруолугар оонньуурга  Роберт Рожденственскай хоһоонун ааҕарыттан саҕаланар. Ол гынан баран, сүрүн дьоруой хоту дойдуга сылдьыбатаҕын, тугу да өйдөөбөтүн иһин бу оруолга аккаас ылар, — диэн бырайыак креативнай дириэктэрэ уонна сценариһа Кирилл Блинов кэпсиир. — Кини бэйэтин уһулуччулаах артыыс Леонардо Ди Каприо курдук сананар уонна Арктикаҕа айанныырга быһаарыы ылынар. Тиксиигэ диэри билиэт атыылаһар». Салгыы Тиксиигэ дьоруой эпизодтарын дьиҥнээх олоххо буолбут түгэннэриттэн киллэрэн биэрэллэр. Сиһилии манна аах.
What’s your Reaction?
+1
9
+1
5
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

10 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

12 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

13 часов ago