Салгыы
Быйыл Саха сиригэр беспилотниктары боруобалыыр полигон аһыллыа

Быйыл Саха сиригэр беспилотниктары боруобалыыр полигон аһыллыа

06.01.2023, 16:36
Бөлөххө киир:

Бу Саха сиригэр беспилотнай авиация эйгэтин сайыннарыыга, итиэннэ экэниэмикэ сиэктэригэр наадалаах хардыынан буолуоҕа.

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллааҕы Анал этиитигэр бэлиэтээбитинэн, сааҥсыйаларынан сибээстээн эрэгийиэн ирдэбилэ үрдүк технологиялаах салааларга тирээн турар соруктары быһаарыыга туһаайыллыахтаах.
Итини учуоттаан 2022 сыл ахсынньытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ П.И.Дудкин аатынан Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энэргиэтикэ колледжын иһинэн Информационнай ситим оператордарын үөрэтэр киин аһыллыбыта.
Кииҥҥэ беспилотнай аппараат оператордарын үөрэтиэхтэрэ. «Саха сирин Технопааркатын» баазатыгар бырагырааманы оҥоруу, моделирование, конструирование уонна сөмөлүөт, мультироторнай тииптээх дроннары хомуйарга кафедра аһыллара былааннанар. 2023-2025 сс. Киин 1000-н тахса операторы бэлэмниэ.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ахсынньы 30 күнүгэр 2022 сылга авиационнай ситими сайыннарыы боппуруостарыгар сорудахтар испииһэктэрин бигэргэппитэ. Ол иһигэр беспилотнай авиационнай систиэмэҕэ үлэлиир исписэлиистэри бэлэмнээһини уонна ол исписэлиистэр таһымнарын хонтуруоллааһын тиһигин оҥоруу баар.
Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри дойду Бырабыыталыстыбата 2030 уонна 2035 сылларга диэри кэмҥэ беспилотнай авиацияны сайыннарыы стратегиятын бигэргэтиэхтээх. Стратегияҕа киирбит тэрээһиннэри олоххо киллэрэргэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр 2030 сылга диэри барыахтаах национальнай бырайыактары бэлэмниэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: