Быыбар киин хамыыһыйатын сайтыттан
Ыам ыйын 28 күнүгэр буолбут территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрэ кыттыылаах сэминээргэ муниципальнай быыбар хампаанньатын ыытыы боппуруостара дьүүллэһилиннилэр.
Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров быыбардыыр хамыыһыйалар сүрүн соруктарын туһунан иһитиннэрдэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйатын саайта суруйар.
Маннык улахан таһымнаах быыбардар 2020 сыллаахха талыллыбыт өрөспүүбүүлүкэ нэһилиэктэрин баһылыктарын уонна дьокутааттарын боломуочуйаларын биэс сыллаах болдьохторо ааһалларынан ыытыллаллар.
Сүрүн болҕомто түөрт оройуоҥҥа ыытыллар быыбар хампаанньаларыгар ууруллар. Ол курдук, Өлөөн, Сунтаар, Уус Алдан уонна Хаҥалас оройуоннарын баһылыктара талыллыахтара.
Быыбар 32 муниципальнай оройуонунан ыытыллыаҕа уонна болдьоҕо чопчу бэс ыйын 15-25 күннэригэр биллиэҕэ. Кэлэр быыбарга 156865 киһи куоластыыра күүтүллэр.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…
Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар эппиэттээх исписэлиистэрэ,…
Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…