Быйыл Саха сиригэр 267 км суолу оҥоруохтара
2023 сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 267 км уһуннаах суол тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Ол иһигэр, 244 км – эрэгийиэннээҕи суол уонна 23 км – Дьокуускай куорат уулуссаларын суола.
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтин Уопсастыбаннай сүбэтин мунньаҕа ыытылынна. Мунньахха “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” федеральнай национальнай бырайыагынан ыытыллар суол оҥоруутун уонна өрөмүөнүн боппуруостарын көрдүлэр. Бу бырайыак чэрчитинэн быйыл өрөспүүбүлэкэҕэ туох үлэ ыытылларын СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин суол сулууспатын уонна массыына тырааныспарын департаменын салайааччыта Александр Данилов иһитиннэрдэ.
267 КМ УҺУННААХ СУОЛ
Александр Данилов бэлиэтээбитинэн, 2023 сылга Саха сиригэр суол үлэтигэр, ол иһигэр “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” национальнай бырайыакка, уопсайа 8 260,0 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Бу сууматтан 4 500,4 мөлүйүөн солкуобай федеральнай бүддьүөттэн киирбит.
Быйыл барыта 267 км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суол үлэҕэ киириэхтээх – 244 км эрэгийиэннээҕи суол уонна 23 км – Дьокуускай куорат уулуссаларын суола. Эрэгийиэннээҕи суоллары оҥорорго барыта 4,9 млрд солк. үп көрүллүбүт. Ол иһигэр 3,7 млрд солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн, 1,2 млрд солк. – Саха сирин суолларын пуондатыттан.
Оттон киин куорат уулуссаларын оҥоруутугар барыта 2,3 млрд солк. көрүллэр. Федеральнай бүддьүөт – 0,5 млрд солк., Саха сирин суолларын пуондата – 1,3 млрд солк. уонна Дьокуускай куорат үбэ – 0,5 млрд солк.
“Улахан үлэлэр сайын устата ыытыллыахтара. Билиҥҥи туругунан, хантараактар барыта түһэрсиллибиттэрэ. Бэдэрээттиир тэрилтэлэр тиэхиньикэлэрэ уонна үлэһиттэрэ бэлэмнэр. Бу күннэргэ эбийиэктэргэ үлэ саҕаланыаҕа”, — диэн Александр Данилов бэлиэтээтэ.
Ол курдук, сүрүн үлэлэр «Амма», «Мухтуйа» уонна «Харбалаах» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолларга ыытыллыахтара. Ону таһынан, «Нам» айан суолун саҥардыллан оҥоруу салҕаныаҕа – 7-тэн 11,8 км диэри. «Умнас» айан суолугар үлэ 11,8-тэн 20 км диэри ыытыллыаҕа. Бу суол Дьокуускайга киириитигэр түөрт балаһалаах буолуоҕа.
Оттон киин куоракка Поярков, Винокуров, Челюскин, Бабушкин, Кузьмин, Островскай уо.д.а. уулуссалары өрөмүөннүөхтэрэ. Дьокуускайга сүрүн үлэнэн Ленин проспегын өрөмүөнүн иккис түһүмэҕэ буолар. Билигин Орджоникидзе уулуссаттан Хабаров уулуссатыгар диэри уонна Кулаковскай уулуссаттан Краснояров уулуссатыгар диэри үлэ ыытылла турар. Санатан суруйдахха, куорат киин уулуссата саҥардыллан, көбүс-көнө аспаалланан, саҥа уот остуолбаланан быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх.
ҮС УЛАХАН МУОСТА
Бу сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Ленскэй уонна Томпо улуустарыгар үс муоста үлэҕэ киириэҕэ. Ол курдук, Ленскэй оройуонугар «Мухтуйа» айан суолга 183 миэтэрэ уһуннаах Ньүүйэ өрүһү туоруур муоста тутуллуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа муоста 73%-на бэлэм. Эбийиэк тутуутун «Хотьковский Автомост» ААУо ыытар.
Томпо улууһугар Мөҥкүлэ өрүһү туоруур 0,9 км уһуннаах муоста саҥардыллан оҥоһулла турар. Муоста тиэхиньиичэскэй бэлэмэ 91% тэҥнэһэр. Бэдэрээтчит – «Строймост» ХЭУо. Ону таһынан бу оройуоҥҥа сыл бүтүүтэ өссө биир эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ. Томпорук өрүһү туоруур 36 миэтэрэ уһуннаах муоста тутуллар. Билигин эбийиэк тиэхиньиичэскэй бэлэмэ — 30%. Бэдэрээтчит – «Строймост» ХЭУо.
Уопсайа 2023 сылга эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суолталаах муосталары тутууга 1 млрд солк. тахса үп көрүлүннэ. Онтон 305 мөл. солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн, 701 мөл. солкуобай – Саха сирин суолларын пуондатыттан.
КЭЛЭР СЫЛЛААҔЫ БЫЛААН
Александр Данилов иһитиннэрбитинэн, кэлэр сыллааҕы суол үлэтэ номнуо саҕаламмыт. 2024 сылга 183 км тахса айан суола үлэҕэ киириэхтээх. Билигин барыта 168 км эрэгийиэннээҕи айан суолларын уонна 39 км Дьокуускай куорат уулуссаларын суолларын оҥоруу былааҥҥа киирбит. Билигин бэдэрээттиир хампаанньалары кытта хантараак түһэрсиитин үлэтэ бара турар. 2022-2027 сылларга Саха сиригэр суол үлэтин бырагырааматын бырайыагынан барыта
1,8 тыһ. тахса км суол оҥоһоллоро былааннанар.
“СУОЛ ОҤОҺУЛЛАН АБЫРАННЫБЫТ”
Ыстапаан Лыткин, үлэ, успуорт бэтэрээнэ, Дьабыыл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:
– Суол – ханнык да уопсастыба сайдыытын олуга, биир сүрүн бэлиэтэ буоларын өйдүүбүт. Суол баар буоллаҕына, олохпут иннин диэки дьулурҕатык сыҕарыйар, сырыы-айан тупсар, биир тылынан эттэххэ, сайдабыт.
Былырыын Чурапчы, Маралаайы диэки суолга кутуллуохтаах буор, кумах, өрүс тааһа быыстала суох улахан кыамталаах массыыналарынан таһыллан, дэхсилэнэн, дьэ аспаал ууруллар усулуобуйата, кыаҕа баар буолбута. Онтон атырдьах ыйыгар аспаал ууруллан эмискэ баҕайы буор бурҕайара, өтөххө саба халыйан киирэрэ тохтоон бары өрө тыынныбыт. Мэктиэтигэр хагдарыйан, өлөн испит тииттэрбит, хатыҥнарбыт көҕөрөргө дылы буолбуттара. Суол быыла лаппа аҕыйаата. Сырыы-айан да биллэ түргэтээтэ. Холобур, омук массыынатынан Аллараа Бэстээхтэн Нуораҕанаҕа диэри 1 чаас 30 мүнүүтэнэн үлтү сахсыллан тиийэр буоллахпытына, билигин 50 мүнүүтэнэн холкутук, сылайбакка айанныыр дьоллоннубут.
ЭЛБЭХ ҮЛЭ ҮМҮРҮТҮЛЛҮБҮТ
Санатан суруйдахха, Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар уонна уопсастыбаннаска Этиитигэр суолу оҥоруу сылын аайы элбээн, кэлиҥҥи сылларга суол хаачыстыбата тупсан иһэрин бэлиэтээбитэ. Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһулунна. 2018 сылтан 2022 сылга диэри «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыагынан 2,5 тыһыынча айан суола уонна 47 муоста тутуллубуттар. Холобур, 2022 сылга барыта 582 км уһуннаах суол үлэҕэ киирбитэ. Бары билэрбит курдук, былырыын алтынньы 7 күнүгэр национальнай бырайыак көмөтүнэн “Нам” массыына суолун учаастагар саҥардыллыбыт түөрт балаһалаах суол үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Оттон “Халыма” федеральнай суолга Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри аспаал суол ууруллубута. Салгыы бу суол 2025 сылга диэри, былаан быһыытынан, Ытык Күөлгэ тиийиэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: