Быйыл Саха сиригэр 267 км суолу оҥоруохтара

Share

Бу сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 267 км суол үлэҕэ киириэхтээх — 244 км эрэгийиэннээҕи суол уонна 23 км Дьокуускай куорат уулуссаларын суола. Ол туһунан СӨ тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин суол сулууспатын уонна массыына тырааныспарын департаменын салайааччыта Александр Данилов иһитиннэрдэ.

«Билиҥҥи туругунан, хантараактар барыта түһэрсиллибиттэрэ. Бэдэрээттиир тэрилтэлэр тиэхиньикэлэрэ уонна үлэһиттэрэ бэлэмнэр. Бу күннэргэ эбийиэктэргэ үлэ саҕаланыаҕа», — диэн Александр Данилов бэлиэтээтэ.

Эрэгийиэннээҕи суоллары оҥорорго барыта 4,9 млрд солк. үп көрүллүбүт. Ол иһигэр 3,7 млрд солкуобай  — федеральнай бүддьүөттэн, 1,2 млрд солкуобай — Саха сирин суолларын пуондатыттан.

Оттон киин куорат суолларын оҥоруутугар барыта 2,3 млрд солкуобай көрүллэр. Федеральнай бүддьүөт — 0,5 млрд солкуобай, Саха сирин суолларын пуондата — 1,3 млрд солкуобай уонна Дьокуускай куорат үбэ — 0,5 млрд солкуобай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago