Быйыл Саха сиригэр 79  социальнай эбийиэк тутуллуоҕа

Share

Саха сиригэр 2024 сылга национальнай бырайыактар чэрчилэринэн 79 социальнай эбийиэк тутуллуохтаах. Бу хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх.

Санатан эттэххэ, быйыл кулун тутар ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ биир күн тэҥинэн 12 социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэк тутуута саҕаламмыта. Ол иһигэр хас даҕаны балыыһа комплекса, поликлиникалар, оскуолалар, успуорт саалалар, ыраас уунан хааччыйыы уонна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бааллар.

Саха сиригэр киэҥ хабааннаахтык барар хайысханан хаарбах уонна саахалланар туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүү буолар. Барыта 2019 сылтан 2025 сыл балаҕан ыйыгар диэри 1 мөл. кв. м тахса хаарбах туруктаах олорор дьиэ пуондата саҥардыллыахтаах.

«Саха сиригэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматынан уопсайа 740,83 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан 40,2 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Өссө даҕаны 400 тыһ. кв. м. иэннээх олорор дьиэ пуондата тутуллуохтаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыта

Быйылгы дьыл ыам ыйын 8 күнүгэр Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыт, спорт үгүс көрүҥнэрин…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Кирилл Бычков Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ

Улуу Кыайыы күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр Алексей…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аҕа дойду сэриитигэр 9 оҕотун сүтэрбит Хоҥкуй Өлөксөйү үйэтитиэҕиҥ

Ньурба улууhун I Хаҥалас нэhилиэгиттэн Курышевтар диэн ыалтан алта бииргэ төрөөбүт уол дойдутун көмүскээн байыаннай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыл болуоссакка параады ханна көрөбүт?

Улуу Кыайыы 79 сылынан дойду сүрүн параада Москваҕа Кыһыл болуоссакка буолуоҕа. Манна байыаннай тиэхиньикэлэр, саллааттар…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Госпиталларга эмтэнэ сытар байыастар Кыайыы күнүнэн бэлэхтэри туттулар

Кыайыы күнүнэн Саха сирин байыастара өрөспүүбүлүкэ аатыттан бэлэхтэри туталлар. Бу күннэргэ Уһук Илин госпиталларыгар эмтэнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Нам II Хомустааҕар Кыайыы күнүгэр саллаат хааһытын буһардылар

Улуу Кыайыы  79 сылын  Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгэр олус сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр. Ол…

2 часа ago