Быйыл Саха сиригэр 79  социальнай эбийиэк тутуллуоҕа

Share

Саха сиригэр 2024 сылга национальнай бырайыактар чэрчилэринэн 79 социальнай эбийиэк тутуллуохтаах. Бу хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх.

Санатан эттэххэ, быйыл кулун тутар ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ биир күн тэҥинэн 12 социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэк тутуута саҕаламмыта. Ол иһигэр хас даҕаны балыыһа комплекса, поликлиникалар, оскуолалар, успуорт саалалар, ыраас уунан хааччыйыы уонна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бааллар.

Саха сиригэр киэҥ хабааннаахтык барар хайысханан хаарбах уонна саахалланар туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүү буолар. Барыта 2019 сылтан 2025 сыл балаҕан ыйыгар диэри 1 мөл. кв. м тахса хаарбах туруктаах олорор дьиэ пуондата саҥардыллыахтаах.

«Саха сиригэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматынан уопсайа 740,83 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан 40,2 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Өссө даҕаны 400 тыһ. кв. м. иэннээх олорор дьиэ пуондата тутуллуохтаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сааскы халаан кэнниттэн үс улуус ууттан босхолонно

Арассыыйа ЫБММ сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын киинэ иһитиннэрэринэн, бэнидиэнньик киэһэ, ыам ыйын…

32 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка оҕону түҥнэри көттүлэр

Ыам ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка, киэһэ 19 чаас саҕана, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин быраастара Докучаевскайга лапароскопическай эпэрээссийэлэри оҥордулар

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа территорияларынан олохтоох дьоҥҥо мэдиссиинэ көмөтүн оҥороллор. Бу…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Хатыҥ уутун сүүрдүү кэмэ кэллэ

Ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата хатыҥ уутун ылар кэм кэллэ.  Анаан дьарыктанааччыларга…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Андрей Федотов: байыаннай дьайыыга үрдүк технологиялаах анал тэрили тиэрдиигэ болҕомто ууруллар

РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Саха сиринээҕи кэлим координационнай киин салайааччыта Андрей Федотов брифинг кэмигэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Росгвардия» Кубогар Кэбээйи боксера үһүс миэстэҕэ тигистэ

Сангаардааҕы оҕо успуорт оскуолатын выпускнига Артем Бутко Сочига ыытыллыбыт боксаҕа чөмпүйэнээтигэр боруонса призера буолла. [gallery…

1 час ago