Быйыл сайын социальнай хантараагынан оҕолору үлэҕэ ылыахтара

Share

Саха сиригэр социальнай хантараак чэрчитинэн сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору үлэҕэ ылыы бырагыраамата үлэлиэҕэ. 

— Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оҕолору дьарыктаах оҥорор «Мин бастакы хамнаһым»  анал бырагыраама оҥоһулла сылдьар. Бу докумуон чэрчитинэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго социальнай хантараагынан үлэлииллэригэр хамнас төлөнүөҕэ.  Бастаан «пилотнай» дэнэр  оройуоннарга үлэ бу көрүҥэ ыытыллыаҕа. Бырагыраама сыыйа өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕаныаҕа, — диэн бэлиэтээтэ СӨ үлэҕэ уонна социальнай  сайдыыга миниистирин солбуйааччы Альбина Трубина.

Бырагыраама 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлиэҕэ.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

8 часов ago