Быйыл тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үгүөрү үп-харчы ыытыллыаҕа

Share

Муус устар 23 күнүгэр Ил Түмэн алтыс (уочараттаах) пленарнай мунньаҕын кэмигэр норуот дьокутааттара  бастакы уонна бүтэһиктээх ааҕыыга Саха сирин 2024 сылга уонна 2025 уонна 2026 сыллар былааннаах кэмнэригэр Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүѳтүгэр сокуон барылын ылыннылар.

Норуот дьокутаата Юрий Николаев Ил Түмэҥ сис кэмиэтиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньах түмүктэрин туһунан иһитиннэрбитинэн, норуот дьокутааттарынан сокуон барылыгар 115 уларытыыны көрбүтттэр, онтон 72-тэ бигэргэтиигэ сүбэлэммит.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев судаарыстыбаннай бүддьүөтү чуолкайдааһыҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, ол иһигэр ыһыы уонна соҕотуопкалыыр үлэлэри өйөөһүҥҥэ судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа үбүлээһинигэр эбии үп-харчы көрүллүбүтүн туһунан бэлиэтээтэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эбии 795 мөл. солк.  үп-харчы көрүллүөхтээх. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраама уопсай суумата 15 млрд. солк. тэҥнэһиэҕэ. Бу сууматтан 62%-на муниципальнай оройуоннарынан ыытыллыаҕа.

Саха сирин 2024 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын уопсай кээмэйэ 10 214 852,3 тыһ. солк. улааппыт уонна барыта 312 831 808,2 тыһ. солк. буолуоҕа. Оттон ороскуотун кээмэйэ 37 606 222,1 тыһ. солк. улаатан, барыта 349 459 674,3 тыһ. солк.тэҥнэһиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

3 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago