Салгыы
Быйыл түргэн интэриниэт Сунтаар түөрт нэһилиэгэр баар буолуоҕа

Быйыл түргэн интэриниэт Сунтаар түөрт нэһилиэгэр баар буолуоҕа

Ааптар:
06.01.2023, 11:34
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин үгүс улуустарыгар түргэн интэриниэт тиийэн, олохтоохтор абыраннылар. Улуустар кииннэригэр тиэрдиллибит буоллаҕына, аны нэһилиэктэри хааччыйыы барар. 

Ол курдук, 2023 сыл бүтүүтүгэр  түргэн интэриниэт Сунтаар улууһун түөрт нэһилиэгэр баар буолуоҕа.  Маны Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрэ куоластаан быһаардылар.  Бу РФ Сыыппараҕа министиэристибэтэ «Устранение цифрового неравенства» диэн анал бырайыагынан олоххо киирэр. Саха сиригэр  куоластааһыҥҥа Сунтаар улууһа инники күөҥҥэ таҕыста. Ол курдук, 21 тыһыынча куолас киирбититттэн 5 тыһыынчатын сунтаардар куоластаабыттар.  Онон 4G түргэн интэриниэт  Наахара, Тэҥкэ, Толоон уонна Туойдаах сэлиэнньэлэригэр баар буолуоҕа.  Саха сирин олохтоохторо бүттүүн куоластаан,  Алдан, Абый, Бүлүү, Кэбээйи, Нерюнгри, Томпо, Уус Маайа, Хаҥалас уонна Чурапчы оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарын таллылар. Билигин тустаах исписэлиистэр холбонуу усуолуобуйатын бэрэбиэркэлииллэр.
Маны сэргэ, Саха сиригэр  РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин «Синергия Арктики» бырайыагын көмөтүнэн Арктика улуустарын кииннэринэр түргэн интэриниэт утаҕа тардыллар. Бырайыак чэрчитинэн,  быйыл  оптоволокно утаҕа Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар тиийиэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев былырыын ахсынньыга Ил Түмэн дьокутааттарыгар уонна Саха сирин олохтоохторугар Анал этиитигэр  «Синергия Арктики» бырайыак көмөтүнэн Арктика улуустарыгар ыраах сытар 86 нэһилиэнньэлээх пууннар түргэн интэриниэтинэн хааччыллыахтаахтарын туһунан иһитиннэрбитэ.
Билиҥҥи туругунан оптоволокно утаҕа Саха сирин  нэһилиэнньэлээх 378 пуунугар тиэрдиллибит. 2012 сылтан барыта 13 тыһ. км уһуннаах анал утах тардыллыбыт.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 апреля
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 39% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: