Быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыстаах ый

Быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыстаах ый

Ааптар:
06.01.2026, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн академиятын эспиэрэ Татьяна Подольская быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыстаах ыйдары эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, биэс күннээх үлэ нэдиэлэлээх, окладка олорон үлэлиир үлэһиттэргэ оннук ыйдарынан от ыйа, муус устар, балаҕан ыйа, алтынньы уонна ахсынньы буолаллар диэн ТАСС суруйар.

Бу ыйдарга үлэ күннэрин ахсаанынан быһаарыллар: от ыйыгар 23 үлэ күнэ баар, оттон муус устарга, балаҕан ыйыгар, алтынньыга уонна ахсынньыга – 22-лии күн.

Подольская быһаарбытынан, ыйга үлэ күнэ төһөнөн элбэх да, биир үлэлээбит күн төлөбүрэ соччонон намыһах буолар. Бу төлөбүр оклады үлэ күннэрин ахсааныгар түҥэтэн ааҕыллар. Онон үлэһиккэ үлэ күнэ саамай элбэх ыйдарыгар уоппускаҕа барара ордук барыстаах.

Эспиэр этэринэн, быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыһа суох ыйынан тохсунньу буолуо. Онно үлэ күнэ саамай аҕыйах – баара-суоҕа 15 күн.

Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -46°C
  • Ощущается: -53°Влажность: 65% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: