Салгыы
Быйыл ураты тыыннаах саас

Быйыл ураты тыыннаах саас

13.04.2023, 20:13
Хаартыска - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Быйыл кэмэ суох элбэх хаар түстэ, тибиитэ да бэрт. Хаар ууллуута тугунан дьайан тахсыаҕын, аны саас-сайын хайдах буолуоҕун, үгүс киhи таайа сатыыр. Онон саас-сааhынан сааhылаан суруйуум.

Ааспыт сайынтан саҕалаатахха, ардахтаах буолбута. Ходуhа ууга устубута, күhүнүн даҕаны ардахтар кэннилэриттэн хаар тилэх баттаhа, сири-дойдуну үллүктээн кэбиспитэ. Ол эрээри кыhын кэмигэр кэлэн биэрбэтэҕэ. Алтынньы 24 күнүгэр, сайыҥҥылыы дохсун ардах түhэн, уонтан тахса сантымыатыр халыҥнаах хаары ньимси ыытан, аны саас элбэх уу тахсыаҕын түстээбитэ. Ааспыт күhүн иккитэ улаханнык ириэрбитигэр сылгы кыстыга ыарахан буолара биллэн барбыта. Эбиитин сир тоҥуутугар сайыны-күhүнү мэлдьи дохсун ардахтартан тото иҥэриммит сис уута ыгыллан, сэтинньигэ диэри ходуhаларга халыйа сыппыта. Онон үрэхтэр, күөллэр толору уулаах кыстыгы көрсүбүттэрэ.

Быйыл кыhын олус тымныы буолла. Бүлүү улуустарыгар — 60-н тахса кыраадыска тиийэ тымныйа сырытта. Бу хаhан да буолбатах көрдөрүү. Ону таhынан, быйыл кыhын оройунааҕы хаар кырпа, быыл курдук, кытаанах дьигдитийбит хаар сылгы хаhыытыгар уустуктары үөскэппитэ.

Саас эмиэ уратылардаах буолан биэрдэ. Кураанахтыы тибии  үгүһэ сөхтөрдө. «Кураанах тибии элбэх ууну аҕалар» диэн сылыктааhын баар. Кэтээн көрүүбүнэн ити сөп түбэhээччи. Маны таhынан, халлааҥҥа көстөр эттиктэрбит эмиэ уратылаахтар. Күн дьайыытын күүhүттэн дьүкээбилбит уота элбэҕэ, чолбон сулус ыйы кытары алтыhыыта, «Орион пуойас» диэн сулустар бэйэ-бэйэлэригэр чугасаhыылара — бу барыта айылҕа ураты көстүүлэрэ тугунан дьайыаҕын таайа сатыыбыт.

Дьэ, бу үс түhүмэҕи холбуу тутан, түмүк оҥорон сабаҕалаатахха маннык:
Бу саас, биллэн турар, элбэх уу тахсыаҕа. Бүлүү эҥэргэ, онтон илин эҥэр уонна киин улуустарга хаартан уу аҕыйах буолуо. Ол оннугар өрүстэр, үрэхтэр халаанныахтарын сөп. Бүлүү эҥэргэ былырыын баччаларга сигирээн күннэр турбуттара. Хаар аҥарын кэриҥэ ууллан баран, өр кэмҥэ хатаан, тоҥорон турбута. Быйыл атын буолуо — эмискэ ириэрэн, хаартан элбэх уу тахсыаҕа. Онно эбии күhүн толору тоҥмут үрэхтэр хааларыттан тахсан, ходуhаларга халыйыахтара. Манна сөптөөх дьаhаныы тэрилиннэҕинэ эрэ дьон сайынын сөптөөхтүк кыстык отун ылыаҕа.

Кыстык хаар кэмигэр ууллан бүтүөҕэ. Сөп буола-буола хаар, самыыр былаастаах сөңүү хаар ууллан, уу тахсарыгар эбилик буолуоҕа.
Сайын хайдах буолуоҕун билигин сылыктыыр арыый эрдэ курдук, ол эрээри уулаах саас уулаах сайыны түстүүр үгэстээх. Быйыл илиинэн оттооччуларга туhаайан эттэххэ, бугулу тутатына дьаhаныахха наада. Улахан куйаас күннэр туруохтара. Бу куйаас улахан тыаллаах, уулаах этиҥнээх ардахтарынан солбуйуон сөп. Күнүттэн-дьылыттан көрөн эрдэ окко киирэр ордук. Оту-маhы кыстык иннинэ дьиэҕэ чөкөтүнэр табыгастаах. Күhүн суол-иис мөлтөhүөр буолуо. Эрдэ халыҥ хаар түhэн, сииктээх сирдэр ситэ тоҥмокко сордуохтара. Бу аҕыйах сыллааҕыта Муома, Халыма улуустарыгар эрдэ халың хаар түhэн, хайдахтаах ыарахан кыстыгы көрсүбүттэрин умнумуоххайыҥ.
Халлаан сылыйыыта, бытархан тымныылаах хараҥа күннэртэн күрэнэн, дьон-сэргэ айылҕаҕа сынньана тахсар идэлээхпит.

Быйыл анал үөрэхтээх, улахан да билгэhит дьон сэрэтэллэринэн, олус сэрэхтээхтик сылдьыахха наада. Эмискэ балаhа тыал түhүөҕэ. Дохсун этиңнээх ардахтар эмискэ кэлиэхтэрэ. Аныгы үйэ куйаарын ситимэ икки хас күнүнээҕи күнүн-дьылын чопчу көрдөрөрүн туhаныахха наада.

Ол эрээри барыта сэрэхтээх, куһаҕан диэбэккэ, быйыл сөптөөх дьаhаныы түмүгэр кыстыкка киирии этэҥҥэ буолуоҕа. Кэлэр сыл айылҕа көнөн, уйгу-быйаҥ тосхойуоҕа диэн үтүөнү түстэнэн этэҥҥэ сылдьыахха.

Алексей ВАСИЛЬЕВ-ӨКСӨЙ,

Бүлүү, Халбаакы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: