Ыччат уонна социальнай коммуникация министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, быйыл устудьуоннар этэрээттэрин 2700 байыаһын үлэнэн хааччыйыахтара.
Ол курдук, 1000 устудьуон муниципальнай тэриллиилэргэ, бырамыысыланнас, суол-иис уонна тутуу тэрилтэлэригэр, хампаанньаларыгар тутууга, чөлүгэр түһэрэр уонна тупсарар үлэҕэ сылдьыахтара. Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ, национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ эбийиэктэри тутууга көмөлөһүөхтэрэ, Дьокуускай куоракка атын даҕаны кэриҥнээх үлэ бырайыактарыгар уонна бырамыысыланнай хампаанньаларга кыттыахтара.
300 байыаһы тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар балыгы астааһыҥҥа, эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ, бородууксуйаны хомуйууга, көҕөрдүү үлэтигэр ыытыахтара. 100 байыаһы өрөспүүбүлүкэ уонна атын даҕаны эрэгийииэннэргэ гостиницаларга, сынньанар комплекстарга, санаторийдарга, уопсай аһылыгынан хааччыйар тэрилтэлэргэ, 200 устудьуону оҕо лааҕырдарыгар баһаатай быһыытынан, 20 устудьуон тимир суолга айанньыттары атаарааччы быһыытынан үлэлиэхтэрэ. Тустаах этэрээттэр 500 байыастара мэдиссиинэ уонна сүбэ-ама өҥөтүн оҥоруохтара, нэһилиэнньэни компьютерга үөрэтиэхтэрэ, муниципальнай тэрээһиннэргэ сибээс ситимин тардыахтара уонна навигация кэмигэр судоходнай хампаанньаларга үлэлиэхтэрэ.
Саха сиригэр 2018 сылтан 2022 сылга диэри барыта устудьуоннар этэрээттэригэр 10634 киһи хабыллыбыта. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, устудьуоннар этэрээттэрэ бу сыллар тухары үлэлииллэригэр улахан уопуту ыллылар уонна үлэни биэрээччилэргэ көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр. 2020 с. Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрэ Арассыыйа үрдүнэн 10 бастыҥнар истэригэр киирбиттэрэ.
Устудьуоннар этэрээттэрин байыастара «Сибиир күүһэ» магистарльнай гаас турбатын баазатыгар федеральнай суолталаах эбийиэги тутууга кыттыбыттара, нэһилиэктэргэ халаан содулун уонна атын даҕаны кутталлаах быһыыны-майгыны туоратыыга, оскуолалары өрөмүөннээһиҥҥэ, өрөспүүбүлүкэ атын даҕаны эбийиэктэрин тутууга, тупсарыыга кыттыбыттара. Сыл аайы 15 тыһыынчаттан тахса оҕону педагогическай этэрээттэр араас хабааннаах лааҕырдарынан хабаллар.
Тыа хаһаайыстыбатын этэрээттэрэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ уонна тыа сирин улуустарыгар үүнүүнү хомуйууга көмөлөһөллөр. Сыл аайы Уһук Илин эрэгийиэннэригэр баар балык собуоттарыгар 200 байыас барар. «Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн биэс сыл иһигэр судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 50 мөл. тахса солк. үп көрүллэн устудьуоннар этэрээттэрэ тэриллэн нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөллөр. Барыта 109 нэһилиэнньэлээх пуун устудьуоннар көмөлөрүнэн хабылынна», – диэтэ ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев.
Устудьуоннар этэрээттэрин 525 байыаһа 2018 с. 14 улууска 34 нэһилиэккэ сааскы халаан содулун туораппыттара, ону сэргэ 2021 с. ойуур баһаарын умуруорууга сылдьыбыттара.
2022 с 35 байыас кылгас кэм иһигэр Үөһээ Дьааҥыга үс нэһилиэккэ халаан оҥорбут содулун туораппыттара. Устудьуонннар эбийиэктэри кыстыкка бэлэмнээһиҥҥэ, дьиэ муосталарын уларытыыга, олорор дьиэлэри өрөмүөннээһиҥҥэ көмөлөспүттэрэ. Ону сэргэ көмө көрдүүр биирдиилээн дьоҥҥо от-мас бэлэмнээбиттэрэ, дьиэ кыылларын көрбүттэрэ-харайбыттара.
Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ыччат дьон киллэрэр кылаатын өйөөн Ил Дархан Айсен Николаев уонна Ил Түмэн дьокутааттарын куорпуһа 2019 с алтынньы ыйыгар «СӨ устудьуоннарын этэрээттэрин үлэтин өйүүр туһунан» сокуон ылыммыта.
Ил Дархан пресс-сулууспата
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…