Быйыл “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан кэккэ былааннары олоххо киллэриэхтэрэ
Бүгүн буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ бырайыактыыр офиһын мунньаҕар сайдыы инники күөҥҥэ турар соруктарын уонна национальнай бырайыактары ырытыстылар.
“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан Саха сиригэр улахан хамсааһын барар. Материальнай-тиэхиньиичэскэй хааччыйыыттан саҕалаан иитиигэ тиийэ хабар бырайыак. СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова тус ТГ ханаалыгар быйыл бырайыак иитинэн туох үлэлэр былааннаналларын үллэһиннэ.
“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн былаан:
— өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын оскуолаларын баазаларыгар “Үүнүү туочуката” естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалаах 63 киин аһыллыыта,
— үс анал коррекционнай оскуолаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэтэргэ уонна сайыннарарга материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны саҥардыы,
— “Земскэй учуутал” бырагыраама чэрчитинэн 17 педагогическай вакансиянан учууталлары үлэҕэ ылыы,
— үс оскуола баазатыгар “Кванториум” оҕо технопааркатын тэрийии,
— биэс оскуолаҕа успуорт сааланы өрөмүөннүөхтэрэ уонна биир сааланы успуорка анаан бэлэмниэхтэрэ,
— бары хайысхаларынан уопсай сайыннарар бырагырааманан эбии үөрэхтээһин 1400 миэстэтин тэрийиэхтэрэ,
— 40 үөрэх тэрилтэтигэр сыыппара үөрэҕин эйгэтин киллэриэхтэрэ,
— “РФ гражданнарын патриотическай тыыҥҥа иитии” бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэ 179 оскуолатын Арассыыйа Федерациятын бэлиэтинэн хааччыйыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: