Быйыл Ытык Күөлгэ саҥа поликлиника үлэҕэ киириэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев поликлиника тутуутун көрдө. Таатта улууһун киинигэр тутулла турар саҥа поликлиникаҕа симиэнэҕэ 200 киһи сылдьан көрдөрүө.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Бу «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматынан ыытыллар. Билигин поликлиника 1983 сыллаахха тутуллубут эргэ дьиэҕэ баар.

«Биһиэхэ сүрүн сыалынан-соругунан ирдэбилгэ сөп түбэһэр тэриллэрдээх аныгы үйэҕэ эппиэттиир саҥа дьиэни тутуу буолар. Түөрт тыһ.кв м тахса иэннээх түөрт мэндиэмэннээх тутуу үлэҕэ киирдэҕинэ, оройуон балыыһатын бары сулууспалара, отделениелара барыта биир сиргэ баар буолуохтара. Ол дьоҥҥо-сэргэҕэ, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр табыгастаах буолуо«, — диир Айсен Николаев.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардаана Кононова тутааччылар тэтимнээхтик үлэлээбиттэрин, эбийиэги бу күһүн үлэҕэ киллэрэр былааннаахтарын иһитиннэрдэ.

«Эбийиэк 91% бэлэм. Болдьоҕор киириэ диэн эрэллээхпит. Билигин уотугар-күөһүгэр, ис өттүгэр, муостатыгар, уутун-хаарын, канализациятын ситимигэр үлэ бара турар. Былаһаакканы, кэлэр-барар суолу оҥороллор, миэбэли таҥаллар«, — диир кини.

Бырайыагынан саҥа поликлиникаҕа күнүскү стационар, саҥа тэриллэрдээх диагностика отделениета баар буолуохтаахтар.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2021-2023 сс. доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматыгар федеральнай бүддьүөттэн 6,5 млрд солк көрүллүбүтэ. 2022  сыллаахха Бүлүүгэ балыыһа комплексын бастакы уочарата тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Быйыл Ытык Күөлгэ поликлиниканы сэргэ, балыыһа комплекстарын Чурапчыга уонна Муомаҕа Хонууга киллэрэр былаан баар. Балыыһа комплекса Уус Маайаҕа тутулла турар. Аммаҕа, Намҥа, Ньурбаҕа поликлиникалар, Бүлүүгэ балыыһа иккис уочарата, балыыһа комплекстара Майаҕа уонна Сангаарга тутуллуохтара.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

21 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago