Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ» Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыаҕа
Муус устар 6-7 күннэригэр “Аҕа күрэҕэ-2024” аҕалар уонна уолаттар өрөспүүбүлүкэтээҕи ХХIV күрэхтэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыаҕа.
Муус устар 6 күнүгэр “Ураһалаах” култуура-этнография комплексыгар күрэҕи үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома буолуоҕа. Онтон күрэхтэһиилэр түһүмэхтэринэн саҕаланыахтара. Бастакы күн кыттааччылар бэрэбинэни эрбээһиҥҥэ, суорууга, булчут биатлонугар, кулуһуҥҥа чэй өрүүгэ күрэхтэһиэхтэрэ. Онтон “Кыталык” уопсастыбаннай кииҥҥэ доҕордоһуу биэчэрэ, кэнсиэр буолуоҕа.
Күрэс иккис күнүгэр, муус устар 7 күнүгэр, кыттааччылар ойбон алларыытыгар, маһы бэлэмнээһиҥҥэ, остуолбаҕа ыттыыга күүстэрин холонуохтара. Эбиэт кэнниттэн кыайыылаахтары эҕэрдэлиэхтэрэ уонна үөрүүлээх быһыыга-майгыга күрэх сабыллыаҕа.
Санатан эттэххэ, “Аҕа күрэҕэ-2024” күрэххэ быйыл бэйэлэрин улуустарыгар кыайыылаах тахсыбыт хамаандалар кэлэн кытталлар. Былырыыҥҥы XXIII “Аҕа күрэҕэ” Таатта улууһун Туора Күөлүгэр тэриллибитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: