Салгыы
Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

26.11.2024, 17:06
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай уобалас, Иркутскай уобалас, Өлүөнэ бассейнын дьаһалтата, о.д.а. эрэгийиэннэр кытыннылар.

Навигация түмүгүн таһаарар мунньахха нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйар таһаҕаһы тиэйии сүрүн уратыларын уонна кэлэр сылга соруктарын көрдүлэр. Мунньахха Саха сирэ бастакынан отчуоттаата.
Мунньах аһыллыытыгар гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков Саха сиригэр олоҕу хааччыйыы тэтимнээхтик барарын ситиһии навигацияттан быһаччы тутулуктааҕын эттэ.
«Навигация Саха сиригэр, олох көрдөрөрүн курдук, уустук усулуобуйаҕа ыытыллар. Навигация кэмигэр 769 суудуна сырытта, ас-үөл, ньиэп, гаас, конденсаат, о.д.а. таһаҕас тиэрдилиннэ. Бу сыыппаралар ыарахан гидрологическай усулуобуйаҕа таһаҕаһы тиэрдиини хааччыйар сөптөөх навигацияны уонна наадалаах инфраструктураны тэрийии суолтатын бэлиэтииллэр», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.
Отчуоттуур дакылааты түмүктүүрүгэр Дмитрий Лепчиков бары сулууспаларга бииргэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэригэр махтанарын биллэрдэ.
Мунньахха Росморфлот салайааччытын солбуйааччы Федор Шишлаков Саха сиригэр 2024 с. навигация этэҥҥэ түмүктэммитин бэлиэтээтэ.
«Саха сиригэр 2024 с. төһө да гидрологическай уустуктары көрүстэрбит, навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ диэн сыаналыыбыт. Быйыл 2025 с. бүддьүөт лимиитэ сарбыллыбытынан оптимизация барда. Онон кэлэр сыллааҕы навигацияҕа эрэгийиэн эбии үбүлээһини көрөрүгэр этии киллэрэбин», — диэтэ Федор Шишлаков.
Салгыы биир-биир эрэгийиэннэр отчуоттаатылар.
Мунньахха үгүстүк навигация кэмигэр көрсүллүбүт уустук балаһыанньалар тустарынан кэпсээтилэр.
Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр биир саамай кыһалҕалаах сиринэн Дьааҥы  өрүс буолар. Хоту өрүстэргэ уу аҕыйаан, таһыма улаханнык түһэн, суудуна сырыытын хааччахтыыра бэлиэтэннэ. Быйылгы сезоҥҥа Баатаҕай – Аллараа Дьааҥы учаастагар ортотунан 20 күн кытары турбуттарынан таһаҕаһы тиэрдиигэ бытаарбыта ахтылынна.
Мунньахха ыытыллыбыт кэпсэтии эрэгийиэҥҥэ навигация усулуобуйатын тупсарыыга уонна тырааныспар инфраструктуратын эрэллээх буолуутун үрдэтиигэ былааннары оҥорор наадалааҕын өссө төгүл бигэргэттэ диэн буолла.

СӨ гражданскай оборонатын уонна нэhилиэнньэ олоҕор-дahaҕap куттал суох буолуутун миниистирин солбуйааччы Никита Павлов навигация түмүктэрин уонна кэлэр сылга былаанын кэпсээтэ.
«Навигация саҕаланыаҕыттан уу тырааныспарынан 2 мөл. туонна кэриҥэ таһаҕас тиэрдилиннэ, ол иһигэр 1 мөл. 189 тыһ. туонна олоҕу хааччыйар таһаҕас буолар.
Навигация бастакы түһүмэҕэр ууларын таһыма түргэнник намтыыр өрүстэргэ, ону тэҥэ үс арктическай – Дьааҥы, Индигиир уонна Халыма өрүстэргэ депонационнай таһаҕаһы тиэрдиллибитэ.
Сыл аайы навигация кэмигэр Амма улууһугар ОДьКХ тэрилтэтин наадыйыытыгар Дьабарыкы Хайаттан чох бэрт кылгас кэм иһигэр тиэрдиллэр. Быйыл Аммаҕа 10 тыһыынча туонна таас чоҕу тиэртилэр. Оттон Бүлүү өрүһүнэн 88 тыһыынча туонна араас таһаҕас таһылынна. Ону тэҥэ навигация бастакы түһүмэҕэр Дьааҥы, Индигирка уонна Халыма өрүстэринэн 17 тыһ. туонна депонационнай саппаас тиэрдилиннэ», — диэтэ Никита Павлов.
СӨ бырабыыталыстыбата Арктика өрүстэринэн таһаҕаһы тиэрдиигэ ураты болҕомтотун уурар. Арктика зонатыгар нэһилиэнньэлээх пууннарга суол-иис уонна тырааныспар ситимэ суоҕунан уу суолунан таһаҕаһы тиэйии соҕотох көрүҥүнэн буолар. Таһаҕаһы тиэрдии ситимнээхтик оҥоһуллан былаан туолла диэн мунньахха бэлиэтээтилэр. Ол курдук 351 тыһ. туонна олоҕу хааччыйар таһаҕас тиэрдилиннэ, ол эбэтэр былааннаммыт 100% туолла. Бэлиэтээн эттэххэ, мантан 125 тыһ. туонна таһаҕас Хотугу муора суолунан тиэрдилиннэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ навигация быйылгы  үлэтэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: