Салгыы
Быйылгы сүрүн дьаһаллар

Быйылгы сүрүн дьаһаллар

10.01.2025, 11:00
Бөлөххө киир:

2025 сыл туох бэлиэ дааталардааҕый? Быйылгы сыл биһиэхэ тугунан өйдөнүллэн хаалыаҕай? Бу туһунан кылгастык.

Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕа

Быйыл Олоҥхо ыһыаҕа былаан быһыытынан от ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгрига буолуоҕа. Нерюнгрилар былырыыҥҥыттан саҕалаан бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ыһыах арыйыы уонна сабыы сиэрин-туомун кылаабынай режиссерунан Руслан Тараховскай бигэргэтиллибитэ.

Тааттаҕа тыа сирин оонньуулара

Быйыл СӨ норуоттарын XXII спортивнай оонньуулара Тааттаҕа Ытык Күөлгэ ыытыллыаҕа. Манна 7 тыһ. тахса спортсмен кыттара былааннанар. Санатан эттэххэ, биһиэхэ икки улахан спортивнай спартакиадалаахпыт: “Манчаары оонньууларын” сэргэ Саха сирин норуоттарын спартакиадата. Бу икки улахан тэрээһиҥҥэ бүддьүөттэн эрдэттэн үп-харчы көрүллэн, спортивнай, култуурунай эбийиэктэр тутуллаллар. Спартакиада бырагырааматыгар 12 успуорт көрүҥнэрэ киириэхтэрэ: хапсаҕай, мас-рестлинг, сахалыы ыстаҥа, чэпчэки атлетика, чэпчэки атлетика, национальнай многоборье, хотугу многоборье, остуол оонньуулара, гиирэ көтөҕүү, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, ат сүүрдүүтэ уонна атынан оонньуулар.

Улуу Кыайыы 80 сыла

Быйыл дойдуга Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Бастионы памяти» диэн историко-патриотическай бырайыагынан саллааттар ааттарын үйэтитиигэ пааматынньыктар оҥоһуллан туруоруллуохтара. Саха сириттэн Сталинград кыргыһыытын дьоруойдарыгар анаан Мамаев Кургаҥҥа саҥа өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолуоҕа.

Сабантуй бэстибээлэ

Бэс ыйыгар Дьокуускай куоракка федеральнай Сабантуй ыытыллара былааннанар. Сабантуй дойду култуурунай кодун бэлиэ бырааһынньыгынан буолар уонна сыл ахсын Арассыыйа биир талыллыбыт эрэгийиэнигэр ыытыллар. Дьокуускайга федеральнай таһымнаах Сабантуй ыытыыга эппиэтинэстээхтэринэн Нижнекамскай муниципальнай оройуон, Татарстан култууратын министиэристибэтэ уонна аан дойдутааҕы Татарстан кэнгириэһэ буолаллар. Сабантуй — сааскы хонуу үлэтин түмүктүүр үгэс буолбут татаардар национальнай бырааһынньыктара.

Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ

Дьокуускайга Сайсары күөл үрдүнээҕи ытык сиргэ Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ тутулла турар. Манна Судаарыстыбаннай филармония уонна икки тыйаатыр көһөн кэлиэхтээхтэр, бибилэтиэкэ, уопсайа 1520 миэстэлээх үс саала баар буолуохтара. Уһук Илиҥҥэ саамай улахан Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ 2025 сыл бүтүүтэ тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: