Салгыы
Быйылгыттан икки Улуу Оҕустанныбыт. Ол аата?

Быйылгыттан икки Улуу Оҕустанныбыт. Ол аата?

Ааптар:
25.02.2023, 16:20
Хаартыска Гаврил Угаров тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха сирин олохтоохторо, улахан сонуммун кэпсиибин.

Дьэ, быйылгыттан саҕалаан сахалар икки Улуу Оҕустанныбыт: бастакыбыт — Дьыл Оҕуһа, иккиспит — Эһээ Дьыл Оҕуһа-Тымныы Иччитэ.

Дьыл Оҕуһа уруккуттан баар өйдөбүл, ол эрээри мунаах соҕус. Муостаах, төлкөтө эмиэ оннук. Бу оҕус дьиэ оҕуһун курдук, бөдөҥ уонна муостара олус улахаттар. Үгүстэр саныылларынан бастакы муоһа тохсунньу 31  эбэтэр олунньу 1 күннэригэр түһэр. Иккиһэ олунньу 12 күнүгэр тостор, сорохтор туллар дииллэр. Олунньу 24 күнүгэр моонньоох баһа быстар, оттон муус устар 14 күнүгэр көҥдөй көхсө күр гына сууллан түһэр.

Иккис оҕуспут Эһээ Дьыл оҕуһа — Тымныы Иччитэ диэн буолар.

Бу  — биһиги 2022 сыллаахха оҥорбут Дьылбыт Оҕуһун саҥа уобараһа. Хайа да кыылы утары көрдөрбөт күүстээх, уордаах кыыл. Онтукатын ити олус улахан халаабыстааҕа туоһулуур.

Былыр бастаан үөскүүрүгэр Дьыл оҕуһун Уу Иччитэ дииллэрэ. Ол саҕана Сэлиини итинник ааттыыллара. Онтон кэлин нууччалар кэлэн, Уу Оҕуһун Мамонт диэн ааттаабыттара, онтон ыла Уу Иччитэ диэн өйдөбүл сүппүтэ уонна тута өйдөнүмтүө Улахан муостаах дьиэ оҕуһун курдук оҕус буолуохтаах диэбиттэрэ ити билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбит.

Ол иһин Тымныы Иччитин уобараһа Сэлии уонна дьиэ Оҕуһун икки ардынан  көрүҥнээх.
Эһээ Дьыл Оҕуһун — Тымныы Иччитин муоһа күһүөрү кыһын тайах муоһун курдук утуу-субуу үүнэр уонна кыһыары саас олунньуга эмиэ тайах муоһун курдук утуу-субуу түһэр.

Ол иһин ойууга Оҕус муоһа тайах муоһун кытта бииргэ үүммүтүн көрөбүт.

Тохсунньу 31 күнүгэр Оҕус муоһун төбөтө кылаана кыларыйар.  Олунньу 12 күнүгэр  Оҕус аҥаар муоһа түһэр.
Олунньу 24 күнүгэр Оҕус иккис муоһа түһэр. Кыһыҥҥы тымныы бүтэр.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Өлүөнэ эбэ устан иһэр улахан мууһугар ыттан миинэр миҥэ гынан Хотугу Муустаах байҕалга устар уонна онно тиийэн сайыны быһа сынньанар.
Алтынньы 14 күнүгэр орто дойдуга тиийэн кэлэр, тымныы кэмэ саҕаланар, кыһын кэлэр.

Онон Эһээ Дьыл Тымныы Иччитин Оҕус гынар, онтон ыла Тымныы Иччитэ Эһээ Дьыл оҕуһа диэн ааттанар.
Эһээ Дьыл Оҕуһа — Иччи, онон саха итэҕэлин бары иччилэрин курдук өлбөт үөстээх.
Тымныыны билигин бараммат-хороммот сырье, табаар курдук көрүөхтээхпит. Онон табаар курдук атыылаан харчы, баай-дуол гынан байылыаттык олорорбутугар туһанарга кыһаныахтаахпыт.

Онуоха Тымныы Иччитин — Эһээ Дьыл Оҕуһун көрбүт эрэ киһи болҕомтотун тардар сонун, дьикти уобараһа улахан көмөлөөх буолуон сөп.

Санаатын үллэһиннэ Гаврил Угаров — Эһээ дьыл, биологическай билим дуоктара. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: