Быйыл навигация кэмигэр өрүс тырааныспартара 530 рейси оҥоруохтара уонна барыта 26 тыһ. пассажиры тиэйиэхтэрэ.
Субсидиялаах рейстэр ахсааннарын түһэрбэт сыалтан СӨ бүддьүөтүгэр бастакы уларытыылары киллэриигэ өрүс тырааныспарыгар социальнай хабааннаах маршруттарга эбии үбүлээһин көрүллүбүтэ. Саха сирин үрдүнэн 15 социальнай маршрут субсидиянан хааччыллар. Ол курдук, Дьокуускай — Неелов (Тиксии), Ленскэй — Өлүөхүмэ, Дьокуускай — Өлүөхүмэ, Дьокуускай — Сангаар, Дьокуускай — Эдьигээн, Уус-Куйга — Ниженянск, Чэйэ-Төрдө -Чэриктэй, Өлүөхүмэ — Дьокуускай, Өлүөхүмэ — Чапаев, Дьокуускай — Чэйэ-Төрдө, Уус Маайа — Хаандыга, Томмот — Белькачи, Баатаҕай — Сайдыы, Дьаархан — Маалыкай, Покровскай – Иһит.
Быйыл саҥа маршруттар баар буоллулар, олор эмиэ субсидияланаллар. Дьаархан — Маалыкай уонна Дьокуускай — Эдьигээн.
«Быйыл даҕаны Дьокуускай — Өлүөхүмэ хайысханан сырыы элбэх буолуоҕа, сайын устата, ортотунан, 11 тыһ. саҕалаан 15 тыһ. кэриҥэ пассажир айанныаҕа. Ону тэҥэ Дьокуускай — Неелов (Тиксии) хайысханан эмиэ дьон айанныыра үксүүр. Бу хайысхаҕа сайын устата 6-8 рейс оҥоһуллар, 7 суукка кэриҥэ биир өттүгэр айанныыллар. Тиксиигэ диэри бастакы рейс от ыйын 3 күнүгэр барар», — диэн СӨ Тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…