«Былааһы кытта кэпсэтии» биэриигэ гаас уматыкка көһөрүү туһунан кэпсиэхтэрэ

Share

Бэс ыйын 14 күнүгэр күнүс 13:05 чааска «Саха» НКИХ FM 107,1  «Тэтим» араадьыйа «Былааһы кытта кэпсэтии» биэриигэ СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Викторович Терешенко уонна «Автогазгрупп» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Александр Валерьевич Попов кыттыыны ылыахтара.

Миниистир тырааныспары метаҥҥа көһөрүү улахан бырагырааматын сайыннарыы туһунан кэпсиэҕэ. Суоппардарга субсидия тиэмэтин таарыйыаҕа, тырааныспар ороскуотун хайдах аччатар туһунан иһитиннэриэҕэ, ону тэҥэ Ленскэй уонна Мииринэй улуустарыгар тырааныспары ордук гааска көһөрбүттэрин туһунан кэпсиэҕэ. Гаас сапыраапкаларын ситимнэрин кэҥэтиигэ тоҕо болҕомто уурулларын туһунан иһитиннэриэҕэ. «Автогазгрупп» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Александр Попов араадьыйанан быһа эпиир кэмигэр гааска көһөрүү ханнык болдьоххо туруоралларын туһунан кэпсиэҕэ. Гаас уматыгын туһунан бэйэтин холобуругар хас биирдии суоппарга метан хайдах көмөлөһөрүн иһитиннэриэҕэ. Эпиир кэмигэр сапыраапкалары туруорууга, гаас оборудованиетын атыылаһыыга, гаас баллоннарын талыыга сыһыаннаах ыйытыктарга хоруйдуоҕа.

Билсэр төлөпүөннэргит 8 (4112) 32-00-66 уонна 32-11-66.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago