Салгыы
«Былааһы кытта кэпсэтии» эпииргэ Саха сирин геологическай-чинчийэр былааннарын туһунан кэпсиэхтэрэ

«Былааһы кытта кэпсэтии» эпииргэ Саха сирин геологическай-чинчийэр былааннарын туһунан кэпсиэхтэрэ

Ааптар:
05.04.2024, 10:50
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

«Былааһы кытта кэпсэтии»/ «Диалог с властью» араадьыйа-эпииргэ Саха сирин уонна Уһук Илин сиригэр  геологическай-чинчийэр былааннарын туһунан кэпсиэхтэрэ.

Муус устар 5 күнүгэр,  күнүс 13 чаас 5 мүн., «Саха» НКИХ «Тэтим» FM 107,1 «Былааһы кытта кэпсэтии» араадьыйанан биэриигэ СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирин солбуйааччы Антон Иванович Андросов, «Якутскгеология» АК генеральнай дириэктэрэ Алексей Николаевич Андреев уонна «Сахагеоинформ» ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Васильевич Калашников кыттыахтара.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Эпиир кыттыылаахтара Саха сиригэр уонна Уһук Илин уокурукка геологическай-чинчийэр былааннарын кэпсиэхтэрэ. Бөдөҥ бырайыактар, холобур, «Геология: возрождение  легенды» иккис түһүмэҕин уонна да атын эрэгийиэннэр бырамыысыланнай кыахтарын сайыннарыыга кырата суох суолталаах бырайыактар тустарынан иһитиннэриэхтэрэ. Эпиир кэмигэр айылҕаҕа сэдэх тимири хостооһуҥҥа, Саха сиригэр гаас уонна ниэп саппааһын туһунан сыһыаннаах боппуруостарга хоруйдар бэриллиэхтэрэ. Бу уонна да атын тутаах боппуруостарга быһаччы эпиир көрүҥүнэн хоруйдары иһитиннэриэхтэрэ.

Хаартыска: «Тэтим» араадьыйа

Араадьыйаны истээччилэр «Былааһы кытта кэпсэтии» биэрии эпииргэ тахсар кэмигэр, устуудьа төлөпүөнүнэн эрийэн ыйытыаххытын сөп: 8 (4112) 320066 уонна 321166. Быһа эпииргэ иһиллибэт ыйытыктарга бырагыраама кэнниттэн кыттааччыларга ыытыллыахтара.

 СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 70% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: