Былаас, норуот, урбаан көмөҕө күүһү түмэллэр
СӨ Урбааны сайыннарыыга пуондатын дириэктэрэ Петр Максимов Арассыыйа өрүү кыайбыта, билигин да биһиги дойдубут хайаан да кыайыа диэн бигэтик эрэнэр итиэннэ дойдубут Президенэ В.В.Путин бу бара турар эпэрээссийэни ыытарга быһаарыныытын өйүүрүн биллэрэр.
— Арассыыйа судаарыстыбатыгар арҕааҥҥы дойдулартан уонна АХШ-тан куттал суоһаабатын наадатыгар кыраныыссабытын бөҕөргөтүөхтээхпит. Дойду эрдэттэн көмүскэнэр дьаһаллары ыытарыгар Бэрэсидьиэн В.В.Путин стратегическай суолталаах сөптөөх быһаарыыны ылыммыта. Күн бүгүн буола турар быһыыны-майгыны өтө көрбүт курдук, Бэрэсидьиэн итинник дьаһалы ылынан, дойдубутугар суоһаабыт кутталы киэр дьалбарытар эпэрээссийэ бара турар. Манна биһиги дойдубут байыаннай өттүнэн кыахтааҕа, күүстээҕэ көһүннэ.
Билиҥҥи кэмҥэ былаас, норуот, урбаан күүстэрин түмэллэрэ эрэйиллэр күннэрэ-дьыллара тирээтилэр. Кыайыы туһугар бука бары турунуохтаахпыт. Урбаан тэрилтэлэрэ, урбааны өйүүр араас үнүстүтүүттэр уонна биһиги бу пуондабыт байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ хара бастакыттан үчүгэйдик кытта олороллор. Ааспыт сылга уонна бу үүммүт сылга пуонда уопсайа 750 тыһыынча солкуобай суумалаах араас гуманитарнай көмөнү оҥордо — ол иһигэр, байыаннай сулууспалаахтарга, дьиэ кэргэттэригэр итиэннэ кинилэр оҕолоро лааҕырга сынньана, доруобуйаларын чэбдигирдэ барыыларын тэрийиигэ, пуондаттан судаарыстыба өйөбүлүн бэрээдэгинэн ылбыт кирэдьииттэрин төлөөһүннэригэр каникулу биллэриигэ өйөбүл, көмө баар, оҥоһулла турар.
Арассыыйа өрүү кыайбыта, билигин да биһиги дойдубут кыайыа диэн бигэтик эрэнэбит. Бары бииргэ түмсэммит, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммутугар күүс-көмө буола туруохпут. Ол биһиги буойуттарбытыгар күүстэригэр күүс эбэн, бары этэҥҥэ кыайан-хотон, дойдуларыгар эргиллэн кэлиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: