Былахы хаар уулларыгар көмөлөөх
Кэлиҥҥи кэмҥэ күн-дьыл туруга уларыйан: эмискэ тымныйан, итийэн, кулун тутарга хаар уонна ардах, хойуутук түһэн, араас иһитиннэрии кэллэҕинэ, бары да соһуйа, өмүрэ түһэрбит баар суол.
Бүгүн бассаапка эмиэ биир дьикти видео-устууну тарҕаттылар. Бэрт элбэх туга биллибэт быт курдук үөн хаарга кэлэн түһэн кыймаҥныы сыталларын туһунан.
Б.дь. кулун тутар 6 күнүгэр “Псковская правда” хаһыат Гдовскай оройуонугар эмиэ маннык быт курдук үөннэр түспүттэрин туһунан иһитиннэрии тахсыбыт.
Онно суруйбуттарынан, «снежные блохи» (ледниковые коллемболы) дэнэр үөннэри Псковскай уобалаһын ветлабораториятыгар чинчийбиттэр. 2-2,5 мм хара өҥнөөх үөннэр куттала суохтар эбит. Булаары буолан, туһалаахтар эбит. Кинилэр өлбүт, сытыйбыт үүнээйилэринэн, тэллэйдэринэн аһылыктанан сири ыраастыыллар эбит. “Ледниковай коллембола” аата да этэрин курдук, -10 до +10 кыраадыска хото үөскүүр үөн эбит. +25 сылааска эрэ өлөллөр эбит. “Тымныы уонна итии салгын охсуһар кэмигэр күүстээх тыал кинилэри ыраахха диэри ытыйан көтүтэн илдьэн, сөҥүүнү кытта (хаары уонна ардаҕы) түһэрэр”, — диэн Псковскай уобалаһын ветлабораториятын исписэлиистэрэ быһаарбыттар. Хара өҥнөрө кинилэри сири кытта сир буолан көстүбэттэригэр аналлаах эбит. Ол иһин хаарга харааран көстөн, өссө кыймаҥныы сытан, дьону куттуохтарын сөп. Ол холобурун биһиги бу видео-устууга көрөбүт.
Итинник былахы үөн туһунан урут эмээхситтэр кэпсэтэллэрин истибиппин өйдүү биэрдим. Улахан хаардаах дьылга айылҕа бэйэтэ көмөлөһөр үһү. Хаары уулларар үөнү түһэрэн. Оччотугар хаар түргэнник ууллар диэн кэпсэтэллэрин өйдөөн кэллим. Ийэ Айылҕа бэйэтэ дьаһанар буоллаҕа. Наар барытын куһаҕаҥҥа күтүрээн истэхпитий…
Оттон ким бу суруйбуппун соччо итэҕэйбэт дьону уоскутаары манныгы иһитиннэрэбин. Ветеринария департаменын салайааччытын солбуйааччы Виктор Семеновы кытта сүбэлэһэ сырыттым. Онуоха кини “Дьокуускайга олорор дьон Каландаришвили уулуссатын 3№-гэр баар Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй чинчийэр лабораторияҕа баран анаалыс туттардыннар”, — диэн сүбэлээтэ. Оттон улуустарга олорооччулар оройуоннааҕы ветеринарнай лабораторияларга анаалыстатыахтарын сөп.
Түмүккэ: ити үөһээ этиллибит барыта сөп түбэһэр курдук – билигин халлаан туруга -10, +10 кыраадыска халбаҥныыр. Соторутааҕыта күүстээх тыал түһэн ааспытын кэннэ хаар түстэ. Аны сотору кэминэн уулуо суох курдук сыппыт халыҥ хаар куорат эҥэр эмискэ ууллан эрэр. Онон былахы үөннэр “ыалдьыттааһынара” хаар уулларыгар улахан өйөбүл курдук буолан тахсар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: