Былатыан Ойуунускай «Ааспыт күннэр-дьыллар» «Саха» НКИХ эпииригэр

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, күнүс 14:30 чаастан «Саха» НКИХ эпииригэр Былатыан Ойуунускай 1917-1922 сылларга суруйбут «Ааспыт күннэр-дьыллар» диэн ахтыытын Саха сирин биллэр артыыстара уустаан-ураннаан дьүһүйүүлэрэ тахсар.

Бу туһунан «Пути Великих свершений» саайт иһитиннэрэр. Саха сирин аптаныамыйатын ыларыгар биир тутаах оруоллаах улуу убайбыт Платон Алексеевич Ойуунускай бу суруйуута аан бастаан «Чолбон» сурунаал 1928 сыллааҕы 5-9 нүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Ааҕааччы артыыстар бары Ойуунускай биир дойдулаахтара, ол курдук, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Петр Баснаев, СӨ үтүөлээх артыыһа, РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцев, СӨ култууратын туйгуна Роман Дорофеев, звукорежиссер Михаил Эверстов.

Бырайыак идиэйэтин ааптара, көҕүлээччитэ «Тааттавтодор» АО генеральнай дириэктэрэ Иван Бочонин, Бырайыак салайааччыта СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак салайааччыта Георгий Никонов, айар бөлөх: Анна ПудоваГаврил Андросов, Валентина БочонинаДмитрий Никонов.

Улуу киһибитин аатырдар, кини олоҕун саҥа чопчуларын арыйар айымньы маннык курдук бэрт түргэнник оҥоһуллан тахсан күн сирин көрбүтүн иһин «Саха» НКИХ»  генеральнай дириэктэригэр Олег Марковка, генеральнай дириэктэр солбуйааччыта Ирина Ефимоваҕа, «Саха» НКИХ»  «Тэтим» араадьыйа дириэктэригэр Николай Бястиновка айар бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago