Былатыан Ойуунускай татаардыы саҥарда

Былатыан Ойуунускай татаардыы саҥарда

14.11.2024, 16:59
Хаартыска: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа.
Бөлөххө киир:

Татарстан «Язучы» кинигэ кыһатыгар Былатыан Ойуунускай кинигэтэ татаардыы тылынан таҕыста. Кинигэҕэ «Улуу Кудаҥса», «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай», «Александр Македонскай», Соломуон Муударай» кэпсээннэрэ тылбаастанан киирбиттэр.

Хаартыска: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа.

Кэпсээннэри тылбаасчыт Альбина Борисова нууччалыы тылбааһыгар олоҕуран, Гульсина Хамидуллина татаардыы тылбаастаабыт. Кини: «Маннык улуу суруйааччыны тылбаастыыр диэн астыныы, дуоһуйуу эрэ буоллаҕа. Саха эйгэтин мифологията угуйар, умсугутар күүстээх», — диэн этэр.

Кинигэ 500 устуука тирааһынан тахсыбыт, ол эрээри, эбии таһаарар былааннаахтар. Татаар ааҕааччылара төрөөбүт тылларынан саха литературатын классигын айымньытын ааҕар кыахтаннылар. Бу иннинэ саха аныгы прозатын уонна поэзиятын антологиялара татаардыы тылынан тахсыбыттара.

Кинигэҕэ биллэр худуоһунньук Иннокентий Корякин саха олоҕун кэпсиир ураты уруһуйдара киирдилэр.

Хаартыска: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа.

Сэтинньи бүтүүтэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиэҕэ. Бу дьоро түгэҥҥэ Татарстантан суруйааччылар дэлэгээссийэлэрэ кэлэрэ күүтүллэр. Онно кинигэни сүрэхтээһин буолуоҕа.

Маны тэҥэ, соторутааҕыта Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара өрөспүүбүлүкэ тас сибээскэ министиэристибэтин көмөтүнэн, «Татаар оҕо литературатын антологиятын» сахалыы тылынан тылбаастаан таһаарбыта. Онон доҕотторун илии тутуурдаах көрсөллөр.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: