Былатыан Ойуунускайга анаммыт «төгүрүк остуолга» санаа атастастылар
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, СӨ бырабыыталыстыбатын Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Саха АССР автономиятын төрүттэспит судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, суруйааччы, учуонай, улуу убайбыт П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» диэн уопсастыбаннас «төгүрүк остуола» буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччылар Сергей Местников, Анатолий Семенов уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кыттыыны ыллылар.
Сергей Местников Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиннэр тустарынан, кэскиллээх былааннар олоххо киирэллэрин сырдатта.
Сергей Васильевич салгыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрэ Былатыан Ойуунускайы кытта ыкса сибээстээхтэрин бэлиэтээтэ:
Былатыан Ойуунускай хаан-уруу аймаҕа, бэйиэт, прозаик, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах П.А. Ойуунускай төрүччүтүн, аймахтарын уонна автономия олохтоноругар кини сүҥкэн оруолун сырдатта:
Петр Корякин Национальнай архыып докумуоннары туһаныыга салаатын салайааччыта бүгүҥҥү күҥҥэ туох үлэни ыыта сылдьалларын туһунан кэпсээтэ:
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» тэрээһиҥҥэ Былатыан Ойуунускай сырдык аата үйэтиллэрин туһугар бэрт үгүс үлэ барарын туһунан кэпсээн, уопуттарын атастастылар, санааларын үллэһиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: