Былатыан Ойуунускайга анаммыт «төгүрүк остуолга» санаа атастастылар

Share

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, СӨ бырабыыталыстыбатын Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Саха АССР автономиятын төрүттэспит судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, суруйааччы, учуонай, улуу убайбыт П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» диэн уопсастыбаннас «төгүрүк остуола» буолан ааста. 

Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччылар Сергей Местников, Анатолий Семенов уонна  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кыттыыны ыллылар.

Сергей Местников Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиннэр тустарынан, кэскиллээх былааннар олоххо киирэллэрин сырдатта.

Сергей Васильевич салгыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрэ Былатыан Ойуунускайы кытта ыкса сибээстээхтэрин бэлиэтээтэ:

Былатыан Ойуунускай хаан-уруу аймаҕа, бэйиэт, прозаик, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах  П.А. Ойуунускай төрүччүтүн, аймахтарын уонна автономия олохтоноругар кини сүҥкэн оруолун сырдатта:

Петр Корякин Национальнай архыып докумуоннары туһаныыга салаатын салайааччыта бүгүҥҥү күҥҥэ  туох үлэни ыыта сылдьалларын туһунан кэпсээтэ:

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» тэрээһиҥҥэ  Былатыан Ойуунускай сырдык аата үйэтиллэрин туһугар бэрт үгүс үлэ барарын туһунан кэпсээн, уопуттарын атастастылар,  санааларын үллэһиннилэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago