“Айанныырдааҕар улахан” бырайыак экологияҕа систиэмэтин чааһынан буолбут ыччат уонна устудьуоннар туризмнарын бырагырааматын үһүс сезона саҕаланна. Бырагыраама көмөтүнэн эдэр дьон Арассыыйа эрэгийиэннэринэн айанныыллар уонна удамыр сыаналаах устудьуоннар кампустарыгар, уопсайдарыгар түһэллэр.
Университеттар, маршруттар суолталаах эбийиэктэринэн уонна эрэгийиэннэргэ эдэр дьону ыҥырар киининэн (точками притяжения) буолаллар. Устудьуоннар биэрэр сайаапкаларын ахсаанынан ордук киэҥник Санкт-Петербург, Калининград, Иркутскай, Владивосток, Казань уонна Москва үрдүк үөрэҕин кыһалара биллэллэр.
Былырыын устудьуоннар туризмнарын бырагырааматынан 5 тыһ. тахса оҕо сынньаммыта, бу 2021 сылы (пилотнай) кытта тэҥнээтэххэ 8 төгүл элбэх буолар. Тустаах бырагырааманан билимҥэ, үөрэххэ уонна туризмҥа Арассыыйа 100-тэн тахса куората хабыллар.
Быйыл 200 кэриҥэ үрдүк үөрэх кыттаары сайыҥҥы саҥа кэмҥэ бэлэмнэнэ сылдьаллар, тас дойду устудьуоннарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа сөп түбэһэр бырайыактары оҥорор. Айанньыттар сэҥээрбиттэрин көрөн, бырагыраамаҕа билим-киэҥник тарҕаммыт саҥа эбийиэктэрин киллэрдилэр, билигин 150-тан таҕыста.
Бырагыраамаҕа үрдүк үөрэх кыһаларын бары көрүҥүн начнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктанар бары устудьуоннара, эдэр учуонайдар, аспирааннар уонна ординатордар кыттыахтарын сөп. Айаҥҥа барар инниттэн студтуризм.рф платформаҕа сайаапка ыытар, эрэгийиэни, үрдүк үөрэх тэрилтэтин талар уонна университет хоруйун кэтэһэр ирдэнэр. Бу туһунан министиэрситибэ саайтыгар суруллар.
Билим уонна технология уон сылын тэрээһинин туһунан иһитиннэриини СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин билимҥэ, идэҕэ үөрэтиигэ уонна тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ департамена бэлэмнээтэ.
1632 сыллаахха Енисей сотнига Петр Бекетов Москваҕа челобитнай суругу ыыппыт: ««Того ж году сентября в…
Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөнэ аллараа тардыытынан ардыаҕа, хайалаах сиргэ, хоту инчэҕэй…
Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Саха сиригэр 8 чаастан Арассыыйа Өрөгөйүн ырыатынан куоластааһын ыытыллар быыбардыыр…
Бүгүн - өрөбүл, онон сынньалаҥҥа, чугас дьону кытта алтыһыыга уонна кэлэр нэдиэлэни былааннааһыҥҥа тоҕоостоох кэм.…
Сайыҥҥы уһун сынньалаҥнар кэннэ үлэ, үөрэх дьыла саҕаланыыта дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр улахан хамсааһын тахсар. Маныаха…
Өлүөхүмэ улууһугар 44 саастаах эр киһи матасыыкылынан айаннаан иһэн сылгыны кытта харсыспыт. Ол түмүгэр суоппар…