Былырыын 165 киһи арыгыттан сылтаан сүрэх эмсэҕэлээһиниттэн өллө

Былырыын 165 киһи арыгыттан сылтаан сүрэх эмсэҕэлээһиниттэн өллө

09.08.2023, 16:00
Хаартыска: СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сыл аайы ортотунан 400 киһи арыгыны кытта сибээстээх төрүөттэн өлөр. Онуоха өлүү биричиинэтинэн  сүрэх арыгыттан ыалдьара — “алкогольнай кардиомиопатия» буолар.

“Алкогольнай кардиомиопатия” – арыгы токсическай дьайыытыттан үөскүүр сүрэх ыарыыта. Маннык түбэлтэҕэ сүрэх истиэҥкэлэрэ халыҥыыллар, сүрэх ыарыыта саҕаланар.

Ыарыы бастакы сибикилэрэ – сүрэх тэбэр тэтимэ кэһиллэр, киһи куһаҕаннык утуйар, төбөтө ыалдьар. Ол кэнниттэн  аны хамсанарыгар аҕылыыр, этэ-сиинэ иһэр, көннөрү сылдьар кэмигэр сүрэҕэ мүнүүтэҕэ 100-110 тэбэр, утатар, күүскэ көлөһүннүрэр, сирэйин тириитэ кытарар, илиитэ салҕалыыр, хараҕа кытарар, саһарар.

«Алкогольнай кардиомиопатия» саамай биллэр сибикитинэн   арыгыны сиэри суох иһии кэнниттэн хас да күн устата сүрэх диэкинэн нүөлүйэн уһуннук ыалдьара буолар.

Манна сыһыаран эттэххэ, бу ыарыы биир уратытынан аҕыйахтык иһэр киһиэхэ да биллиэн сөбө буолар. Ол иһин, «алкогольнай кардиомиопатияттан» эмтэнии ордук наадалаах уонна көдьүүстээх ньыматынан  арыгылаах утахтан букатыннаахтык аккаастаныы уонна хайаан да кардиолог-бырааска доруобуйаны көрдөрүүнү буолар.

Доруобай буолуҥ.

(Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын матырыйаалынан)

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: