Былыты ытар сөмөлүөттэр баһаары бохсоллор
Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур улахан баһаардара тураннар, ону аҕыйатар туһуттан эрдэттэн лаборатория-сөмөлүөттэринэн былыты ытыы ыытыллар буолбута.
Иллэрээ сыллаахха улахан баһаар туран, былырыын эрдэттэн дьаһанан, ойуур баһаара аччаабыта бэлиэтэммитэ. Былыты ытар сөмөлүөттэр көдьүүстэрэ улаханын исписэлиистэр быһаардылар.
Ол курдук Росгидромет Як-40 лаборатория-сөмөлүөтэ уонна «Полярные авиалинии» хампаанньа Ан-26 «Атмосфера» сөмөлүөттэрэ баһаары бохсор үлэни толороллор.
Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Росгидромет Як-40 лаборатория-сөмөлүөтэ уонна «Полярные авиалинии» хампаанньа Ан-26 көтөр аала былыты ытаннар сөҥүүнү түһэрэр үлэлэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ бу ааллар Уус Маайа, Томпо уонна Алдан оройуоннарыгар айылҕа баһаарын умуруорууга үлэлээбиттэрэ. Былыты ытыы түмүгэр, ардах күүскэ түһэн айылҕа баһаара бохсулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: