Бүлүү 2-с Күүлэтигэр дьикти көтөрү буллулар

Бүлүү 2-с Күүлэтигэр дьикти көтөрү буллулар

21.04.2024, 22:37
Хаартыска -- Константин Петров тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бүгүн Бүлүү улууһун 2-с Күүлэтин олохтоохторо хаһан да көрбөтөх көтөрдөрүн булбуттарын туһунан сурах тилийэ көттө.

“Иккис күүлэттэр туппутар, балбаахха олорорун. Петров Көстөкүүн бүгүн сарсыарда булбут. Интэриниэккэ киирэн көрүөххүтүн сөп”, — диэн иһитиннэриини үгүс киһи аахпыта чахчы.

II Күүлэккэ Константин Петрову булан анаан кэпсэттим.

Бу сарсыарда балбаахха ытым оонньуу сылдьарын булан кэрэхсээн көрбүтүм, олох да билбэт көтөрбүн эккирэтэ сылдьар эбит. Биһиэхэ хаһан да көстүбэтэх көтөр. Кууруссаҕа маарынныыр. Кырдьаҕастартан ыйыппыппытын, билбэттэр. Кыһыл тумустаах, уһун атахтаах. Ыас хара өҥнөөх. Уу көтөрө диэхпитин, сир-дойду хаарынан бүрүллэн сытар. Билбэт көтөрбүтүн тыаҕа ыытан кэбистибит.

Быйыл дьыл хойутаата. Тымныы күн-дьыл турар, бу бүгүн эрэ сылыйда. Былырыын баччаҕа уу-хаар, бадараан бөҕө этэ. Айылҕабыт кэлиҥҥи кэмҥэ соһутара үксээтэ. Хаһан, хантан көтөн кэлбит көтөр эбитэ буолла? Интэриниэккэ киирэн көрбүппүт – “Болотная курочка камышница” диэн эбит, — диэн кэпсээтэ Константин Михайлович.

Кырдьык, интэриниэккэ хайдах суруллубутунан холобурдаатахха (бикипиэдьийэттэн тылбаастаабакка хайдах суруллубутунан) маннык: “камышовая, водяная, или болотная курочка, изредка лыска (лат. Gallinula chloropus) — небольшая, размером с голубя, водоплавающая птица из семейства пастушковых, широко распространённая на всех материках, за исключением Австралии и Антарктиды. Типичный обитатель разнообразных водоёмов со стоячей или проточной водой и заболоченными, заросшими берегами. Обычно ведёт скрытный образ жизни — несмотря на большую распространённость, эту птицу бывает трудно увидеть в дикой природе. Тем не менее, в густонаселённых районах Европы птицы часто привыкают к присутствию человека. Научное название птицы можно перевести с латинского как «зеленоногая курочка», что указывает на некоторое внешнее сходство с домашними курами. Камышницы также широко распространены в Центральной Америке, островах Карибского моря и в Южной Америке от Бразилии до Аргентины и Перу. Птица также встречается на Дальнем Востоке в Приморском крае, а также на Сахалине и южных Курильских островах.

… Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ. Хаарынан бүрүллэн сытар II Күүлэккэ соҕуруу дойду көтөрө хайдах көтөн кэлбитэ буолла? Соҕотоҕун дуо?..

Хаартыска — celes.club

+1
38
+1
0
+1
0
+1
4
+1
8
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: