Бүгүн Бүлүү улууһун 2-с Күүлэтин олохтоохторо хаһан да көрбөтөх көтөрдөрүн булбуттарын туһунан сурах тилийэ көттө.
“Иккис күүлэттэр туппутар, балбаахха олорорун. Петров Көстөкүүн бүгүн сарсыарда булбут. Интэриниэккэ киирэн көрүөххүтүн сөп”, — диэн иһитиннэриини үгүс киһи аахпыта чахчы.
II Күүлэккэ Константин Петрову булан анаан кэпсэттим.
— Бу сарсыарда балбаахха ытым оонньуу сылдьарын булан кэрэхсээн көрбүтүм, олох да билбэт көтөрбүн эккирэтэ сылдьар эбит. Биһиэхэ хаһан да көстүбэтэх көтөр. Кууруссаҕа маарынныыр. Кырдьаҕастартан ыйыппыппытын, билбэттэр. Кыһыл тумустаах, уһун атахтаах. Ыас хара өҥнөөх. Уу көтөрө диэхпитин, сир-дойду хаарынан бүрүллэн сытар. Билбэт көтөрбүтүн тыаҕа ыытан кэбистибит.
Быйыл дьыл хойутаата. Тымныы күн-дьыл турар, бу бүгүн эрэ сылыйда. Былырыын баччаҕа уу-хаар, бадараан бөҕө этэ. Айылҕабыт кэлиҥҥи кэмҥэ соһутара үксээтэ. Хаһан, хантан көтөн кэлбит көтөр эбитэ буолла? Интэриниэккэ киирэн көрбүппүт – “Болотная курочка камышница” диэн эбит, — диэн кэпсээтэ Константин Михайлович.
Кырдьык, интэриниэккэ хайдах суруллубутунан холобурдаатахха (бикипиэдьийэттэн тылбаастаабакка хайдах суруллубутунан) маннык: “камышовая, водяная, или болотная курочка, изредка лыска (лат. Gallinula chloropus) — небольшая, размером с голубя, водоплавающая птица из семейства пастушковых, широко распространённая на всех материках, за исключением Австралии и Антарктиды. Типичный обитатель разнообразных водоёмов со стоячей или проточной водой и заболоченными, заросшими берегами. Обычно ведёт скрытный образ жизни — несмотря на большую распространённость, эту птицу бывает трудно увидеть в дикой природе. Тем не менее, в густонаселённых районах Европы птицы часто привыкают к присутствию человека. Научное название птицы можно перевести с латинского как «зеленоногая курочка», что указывает на некоторое внешнее сходство с домашними курами. Камышницы также широко распространены в Центральной Америке, островах Карибского моря и в Южной Америке от Бразилии до Аргентины и Перу. Птица также встречается на Дальнем Востоке в Приморском крае, а также на Сахалине и южных Курильских островах.
… Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ. Хаарынан бүрүллэн сытар II Күүлэккэ соҕуруу дойду көтөрө хайдах көтөн кэлбитэ буолла? Соҕотоҕун дуо?..
Хаартыска — celes.club
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…