Бүлүү чаҕылхай уола Павел Харлампиев
Бүгүн мин тапталлаах хаһыатым нөҥүө хайаан да аата ааттаныахтаах, Бүлүү түбэтин биир чаҕылхай уола Павел Петрович Харлампиев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Биир дойдулаахтарын кытта
Эдэркээн Павел кыра-хара дьон кырдьыгын булбатын, харчылаах мэлдьи кыайарын, атаҕастыырын өйдөөбүтэ уонна итинник балыыры кытары сөпсөһөр кыаҕа суоҕа. Көмүскэһэр санаата баһыйан, улуус кулубатын кытары мөккүһэрэ. Кулуба Андреев-Маччааһай кинини хаайыыга уктарбыта. Эһэтин табаарыһа Синицын атыыһыт солуок төлөөн босхолоппута.
Босхолоноот, Павел Дьокуускай куоракка тиийэн биир дойдулаахтарын Степан Аржакову, Степан Гоголевы көрсөн кинилэри кытары кистэлэҥ куруһуокка сылдьыбыта. Ити кэмнэргэ соҕуруу ыраахтааҕы былааһа сууллубутун, революция буолбутун туһунан истибиттэрэ.
Куораттарга сотору-сотору миитиннэр, бастаанньалар буолуталыыллара. Уобалас сэбиэтин, уобалас земствотын былааһын утарыы саҕаламмыта. Бу кэмҥэ Степан Аржаков, Степан Гоголев үөрэхтэрин бүтэрэн төрөөбүт улуустарыгар төннүбүттэрэ. Кинилэри кытары Бүлүү ыччаттара Павел Харлампиев, Сергей Жирков эмиэ тиийбиттэрэ. Степан Аржаков дойдутугар оробуочайдар дьокутааттарын сэбиэтин тэрийбитэ. Павел Харлампиев Орто Бүлүүтээҕи исполком дьокутааттарын сэбиэтин (совдеп) чилиэнинэн талыллыбыта. Степан Аржаков доҕотторунаан Гоголевтыын, Поповтуун, Харлампиевтыын дьокутааттар сэбиэттэригэр тирэҕирэн сэбиэскэй былааһы билиммэт Бүлүү бөлөх улуустарынааҕы земскэй управаны кытары утарыта турсуулара саҕаламмыта. Ити кэмҥэ Центросибирь Степан Аржакову сэбиэт былааһын Бүлүү уеһыгар олохтуурга хамыһаарынан анаабыта. Кинилэри утары үлэлиир Уобалас сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрин былааһын кытары аһаҕас охсуһуу саҕаламмыта. Степан Аржаков Орто Бүлүү волоһыгар хамыһаарынан дьокутааттар сэбиэттэрин чилиэнэ Павел Харлампиевы анаан үлэлэппитэ. Павел Харлампиев Степан Гоголевтыын Тоҕус уонна Өргүөт нэһилиэгэр (билиҥҥи Арыылаах нэһилиэгэ) Сэбиэскэй былаас диэки санаалаах дьонтон оробуочай сойуустары тэрийбиттэрэ. Бу сойуустар нэһилиэктэригэр сельскэй управалары ыһаттаабыттара. Земствоны билиммэтин биллэрбитэ уонна сэбиэскэй былааһы билинэн, былааһы бэйэлэрин илиилэригэр ылбыттара.
Улахан мунньах
Өргүөт нэһилиэгэр оробуочай сойууһун уопсай мунньаҕа буолбута. Кинилэр Центросибирь былааһын өйүүллэрин биллэрэн, уураах ылыммыттара уонна Павел Петрович Харлампиевы сойуус бырабылыанньатын сэкиритээринэн талбыттара. Тыҥаан турар боппуруоһунан сир боппуруоһа этэ. Харлампиев сири Бүлүүтээҕи дьокутааттар сэбиэттэрин быһаарыытынан, Бүттүүн Арассыыйатааҕы бааһынайдар сийиэстэрин уурааҕар олоҕуран, улууһугар ааҕынан бэриллибит уонна уһун кэмҥэ арыандаҕа баайдар ылан олорор сирдэрин тутаттаан ылбыта уонна киһи ахсаанынан үллэриини саҕалаабыта.
Уларыйыы
От ыйыгар «Александр» аалынан Дьокуускайтан Селезнев хамандыырдаах кыһыл этэрээт, Дьокуускайдааҕы Сэбиэт боломуочунайа И.Н.Барахов, начаалынньыгынан А.Ф.Попов Сэбиэт былааһын олохтуур сыаллаах хамыыһыйа састаабыгар киирэн кэлсибиттэрэ. Исидор Барахов Бүлүү уеһын баайдарыгар контрибуция биллэрбитэ. Орто Бүлүү 14 баайыттан Харлампиевтаах 5700 солк. хомуйбуттара. Бүлүү куоратыгар норуот лааппыта аһыллыбыта.
Исидор Бараховтаах Үөһээ Бүлүү – Сунтаар хайысхатынан салгыы айаннаабыттара. Ол кэннэ аҕыйах хоноот, Иркутскайга уонна Сибиир атын да куораттарыгар сэбиэскэй былаас сууллубутун туһунан биллэрии кэлбитэ. Саха уобалаһыгар сэбиэт былааһа 1918 с. атырдьах ыйыгар суулларыллыбыта. Бүлүү сэбиэтин чилиэннэрэ Аржаковтуун хас да буолан, Орто Бүлүүгэ Хампанан, Өлүөхүмэнэн, Бодойбонон Сэбиэскэй былааһы тутан олорор Арассыыйаҕа тиийэрдии былааннаспыттара да, аараттан кинилэргэ С.Гоголев уонна П. Харлампиев холбоспуттара. Ити баран иһэн Өлүөнэ өрүс чугаһыгар Өлүөхүмэ анныгар тоһуурга түбэһэн тутуллубуттара.
Туруулаһыы
Павел Харлампиев Дьокуускайга 9 ыйы быһа, Колчак үлтүрүтүллүөр диэри, хаайыыга сыппыта. Хаайыыга сытан көҥүлгэ сылдьар большевиктар подпольнай бөлөхтөрүн кытары сибээһи олохтообуттара.
1919 с. кулун тутар 10 күнүгэр Бүлүү уокуругун мировой судьуйата Павел Харлампиевы 1918 сыллаахха большевиктааһыҥҥа буруйданыытыгар олоҕуран доппуруостаабыта. Харлампиев урукку көрдөрүүтүттэн аккаастаммыта. Судьуйа быһаарыытынан Павел Харлампиев, Степан Гоголев уонна д.а. ити ый 24 күнүгэр Бүлүүгэ утаарыллыбыттара. Онтон, ыам ыйын 19 күнүгэр Павел Харлампиев Бүлүү уокуругун мировой судьуйатын быһаарыытынан 1000 солк. солуок төлөөн хаайыыттан босхоломмута. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Бүлүү уокуругун мировой судьуйатыттан тииҥнии барарыгар көҥүл көрдөөбүтэ уонна бултуу барбыта буолан Дьокуускайга күрээбитэ. Ол тиийэн доҕотторун булан подпольнай үлэҕэ кыттыбытынан барбыта. Кини М.Ксенофонтовтыын (Мегежекскэй), Ст.Гоголевтыын, С.Митрофановтыын, уо.д.а. буоланнар Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Дьааҥыга баар биир санаалаахтарын кытары сибээһи олохтоон подпольнай үлэҕэ кытыннарбыттара. Уралынан, Сибииринэн Колчак аармыйата үлтүрүтүллүбүтүн, Сибииргэ партизанскай хамсааһын тэнийбитин, Өлүөнэ өрүс үөһээ салаатынан Зверев хамандыырдаах кыһыл этэрээтэ Уус-Куту ылбытын, речниктэр, Дьокуускайдааҕы элетростанция оробуочайдарын уонна Иркутскай – Дьокуускай айан дьаамнарын үлэһиттэрин бастаанньаларын туһунан сурахтар кэлбиттэрэ.
Ити курдук 1919 сыллаахха сэтинньи бүтүүтэ Кыһыл аармыйа чаастара Өлүөнэ үөһээ салаатынан киирэн, Саха сиринээҕи колчаковецтар Иркутскайдыыр суолларын быспыттара. Куораттааҕы подпольщиктар хаайыыга сытар большевиктардыын ахсынньы 18 күнүгэр сэбилэниилээх бастаанньаны бэлэмнээбиттэрэ эрээри, большевиктар диэки санаалаах олохтоох гарнизон саллааттара Романченко хамандыырдаах куорат хаайыытыттан большевиктары босхолооһунунан бастаанньа саҕаламмыта. Куоракка быстах кэмнээҕи сэбиэскэй былаас уоргана Кыһыл Аармыйа байыаннай-революционнай ыстааба тэриллибитэ. Дьокуускайы ылыы, уобалас киинэ буоларынан, сэбиэт былааһа Саха уобалаһыгар бүттүүн кыайыытынан ааҕыллыбыта. Ол курдук ити сураҕы истээт Бүлүү, Өлүөхүмэ уезтарын кииннэригэр уонна нэһилиэктэринэн Сэбиэт былааһын олохтооччулар күүстэринэн былаас революционнай уорганнара тэриллибиттэрэ.
Тэлэгирээмэ
Нөҥүө күнүгэр Хампаттан Петр Харлампиев Бүлүүгэ киирбитэ уонна былааһы земствоҕа биэрэри бырачыастаан, 1918 сыллааҕы сэбиэскэй аппарааты чөлүгэр түһэрэргэ этэн, Дьокуускайдааҕы байыаннай-революционнай ыстаап начаалынньыга Х.А.Гладуновка тэлэгирээмэ ыыппыта. Земство тойотторо телеграфтан арахпакка эппиэт кэлэрин кэтэспиттэрэ. Ол киэһэ эсер Геллертэн уезд управляющайын аатыгар уопсастыбатаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин тэрийэргэ дьаһал кэлбитэ. Земстволар өрө көрө түспүттэрэ. Онтон сарсыныгар, ахсынньы 18 күнүгэр, Гладуновтан Харлампиевка Сэбиэскэй былааһы тэрийэргэ сорудахтыыр тэлэгирээмэ кэлбитэ. Онно тута Харлампиев Староватов бэрэссэдээтэллээх маҥнайгы тэрээһин мунньаҕы оҥорбута. Мунньахха 1918 сыллааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин чилиэннэрэ уонна олохтоох тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбыттар. Ити мунньахха Бүлүү улууһун кылаабынай бэлитиичэскэй уонна сокуон таһаарар уорганын быһыытынан бириэмэннэй Революционнай кэмитиэт 5 киһиттэн састааптаах тэриллибит. Олор истэригэр Харлампиев, Донской II киирбиттэр. Ревком волостарга хамыһаардары анаталаабыт: Орто Бүлүүгэ уонна Мастаахха С.Ф.Гоголевы, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Үөдүгэйгэ Р.И.Кардашевскайы, Мархаҕа, Ньурбаҕа уонна Куочайга С.К.Михайловы, Сунтаарга уонна Хочоҕо И.Михайловы. Петр Харлампиев волость хамыһаардарыгар аналлаах 14 пууннаах инструкцияны оҥорсубут» – диэн этиллибит.
(Салгыыта тахсыаҕа).
Павел Петрович Харлампиев 1896 с. тохсунньу 15 күнүгэр Орто Бүлүү улууһугар, Өргүөт нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. 1911 с. Орто Бүлүүтээҕи түөрт сыл үөрэнэн бүтэриллэр икки кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ уонна Хампаҕа, Бүлүүгэ полиция уокуруктааҕы управлениетыгар суруксутунан үлэлээбитэ.
С.Д. Копыленко, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннай түмэлэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: