Салгыы
Бүлүү Дьөккөнүгэр сүппүт 3 саастаах оҕону буллулар

Бүлүү Дьөккөнүгэр сүппүт 3 саастаах оҕону буллулар

Ааптар:
06.09.2024, 21:06
Хаартыска: Бүлүү дьаһалтатын ТГ-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр сүппүт оҕону буллулар. Бу туһунан иһитиннэрии уонна видеоҕа устуу Бүлүү дьаһалтатын ТГ-ханаалыгар таҕыста.

Санаттахха, Бүлүү оройуонун ЕДДС сулууспатыгар  3 саастаах оҕо сүппүтүн туһунан иһитиннэрии балаҕан ыйын 6 күнүгэр түүн 2:25 чааска киирбит. Эр киһи киэһэ 20.30 чаас саҕана  2021 с.т. уола олорор дьиэтин тиэргэниттэн сүппүтүн туһунан тыллаабыт. Сүппүт оҕону тута ИДьМ 9 үлэһитэ, олохтоох нэһилиэнньэ 50 киһитэ көрдүү тахсыбыттар. Бүгүн сарсыарда 6.00 чааска нэһилиэнньэлээх пуун кыраныыссатынан квадрокоптерынан көрдөөбүттэрэ, дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан көрбүттэрэ. Эбэ уонна Сайылык чугастааҕы күөллэр кытылларын кводрицклларынан сылдьан чинчийдилэр. Күнүс 14.00 чаас туругунан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону була илик этилэр, көрдүүр үлэлэр салгыы ыытыллаллар диэн биллэрбиттэрэ.

+1
21
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: