Бүлүү дьоно — Амакинскай эспэдииссийэ сирдьиттэрэ
Бүлүү улууһун 1 Күүлэт нэһилиэгин төрүт олохтоохторо, Саха сиригэр алмааһы көрдүүр сэбиэскэй, Амакинскай экспэдииссийэлэр сирдьиттэрэ Афанасьев Иван Федотович, Федоров Андрей Яковлевич, Иванов Иван Иванович ааттарынан бары киэн туттабыт.
Биһиги дэриэбинэбит ытык кырдьаҕаһа, 90 саастаах, кадровай булчут, САССР үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Бүлүү улууһун 7 төгүллээх чөмпүйүөнэ, Амакинскай эспэдииссийэ кыттыылааҕа, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, «1941-45 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт, Бүлүү улууһун уолнна I Күүлэт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 8 оҕо амарах аҕата Андрей Яковлевич Федоров олорон ааспыт олоҕо үгүспүтүгэр сырдык холобур буолуоҕа.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, 1 Күүлэт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Тамара Гуляева суруйуутун ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
ххх
1955 сыллаахха сир баайын көрдүүр сэбиэскэй экспэдииссийэттэн Николай Аржаков диэн киһи Бүлүү улууһун 1 Күүлэт нэһилиэгэр кэлэн сирдьит көрдүүр үһү диэн сурах тарҕаммыт. Оччотооҕуга холкуос бэрэссэдээтэлэ Барахов Николай Егорович эбит. Николай Егорович сири үчүгэйдик билэр, улэһит дьонноруттан сыымайдаан, 15-тии табалаан туран, эдэр табаһыттарын 1920 сыллаахха төрөөбүт Афанасьев Иван Федотовиһы уонна 1933 сыллаахха төрөөбүт Федоров Андрей Яколевиһы экспэдииссийэҕэ сирдьитинэн ыыталыырга холкуос мунньаҕынан быһаарбыт. Уонна 30 табатын биирдии төбөтүгэр сезон устата 900 солкуобайы, биирдии сирдьиккэ 1500 солкуобайы төлөтөргө экспэдииссийэ бэрэстэбиитэлэ Николай Аржаковы кытта дуогабар суруйсубут. Ити күнтэн ыла Иван Федотович уонна Андрей Яковлевич Бүлүү өрүс сүнньүгэр алмааһы көрдүүр сэбиэскэй экспэдииссийэ сирдьиттэринэн анаммыттар. Баартыйаларын начаалынньыга Николай Сталков диэн эбит.
Түҥ өрүс үрдүнэн хас да күн айаннаан, Үгүлээттэн 40 көс ыраах Тимирдикээн диэн үрэх төрдүгэр 10-тан тахса дьиэлээх саҥа тутуллубут дэриэбинэҕэ тиийбиттэр. Айаннарын устата сайыҥҥы кумаарга, куйааска туох да суола-ииһэ суох түҥ тайҕанан, тукулааннарынан, сиикилэринэн, ээйдэринэн, үрэхтэринэн айаннаабыттар.
Андрей Яковлевич өйдүүрүнэн, суолларын хайысхата маннык эбит: 1 Күүлэт – Үгүлээт – Быччаҥдаан учаастак – Сыаҥда үрэх – 3 Хорхоччумалар – Амыһаах учаастага – Антоновка – Тыһакыыт үрэх – Үөһээ, Аллараа, Орто Мороолгуттар – Тимирдикээн үрэх.
Экспэдииссийэ дьоно бу үрэххэ базалана сытан үлэлээбиттэр. Базалара пилорамалаах, бөртөлүөт түһэр былассааккалаах, хаһаайыстыбаларын уурар 3 хас ыскылааттаах, кэлэр-барар дьон тохтуур икки улахан уопсайдаах, биирдиилээн дьиэлэрдээх сэргэх дэриэбинэ эбит. Табалаах сирдьиттэр табаларын аһатан, хайа кэтэҕэр олорбуттар.
Түҥ өрүс кытыытынааҕы тыаҕа икки ардылара 100-түү миэтэрэ гына-гына дириҥ шурфалары хаһаллар уонна онтон хаһыллыбыт буору өрүскэ табанан ырдан киллэрэн сууйаллар. Манна үлэлээһин бары көрүҥэ кистэлэҥҥэ тутуллар.
Үлэ түркүннээн сайыҥҥы ыйдарга кумаары, куйааһы, ардаҕы аахсыбакка барар эбит. Экспэдииссийэҕэ араас сирдэртэн: Үгүлээттэн, Тылгыныттан, 1, 2 Күүлэттэртэн Өлөөнтөн, Ээйиктэн 15 – тии табалаах сирдьиттэр үлэлээбиттэр. Айаннара барыта каарта эрэ көмөтүнэн тэриллэр эбит. Өрүһү сыыйа суола-ииһэ суох, тыытыллыбатах туҥ тайҕанан айанныылларыгар биһиги дьоннорбут үлэҕэ, олоххо үөрүйэхтэрэ улаханнык көмөлөспут.
Биирдэ Андрей Яковлевич ырдан киирбит буоругар тимэх саҕа алмаас көстүбүтүн туһунан соһуйа да, үөрэ да кэпсээбиттэр. Маннык алмаас мээнэ көстүбэт эбит. Алмааһы кытта үөскүүр пироп да бэрт сэдэхтик көстөрө. Ону көрдөрбүттэрэ үүт үрүҥ таас этэ – диэн кэпсиир Андрей Яковлевич бэрт сэмэйдик.
Сирдьиттэр, ындыыһыттар үлэлэрин суолтатын туһунан 2000 сылга тахсыбыт “Страницы истории Якутии” диэн кинигэ “Блеск алмаза” диэн балаһатыгар бу курдук бэлиэтэнэр: “Велика в первооткрывании алмазов роль местного населения. Якутяне были проводниками и работниками геологических отрядов. Без их незаметного, но столь нужного в условиях Крайнего Севера труда алмазная эпопея была бы невозможна”. Эбэтэр эмиэ бу балаһаҕа: “Многие кристаллы хранят память о работниках “Якуталмаза”, первооткрывателях кимберлитовых трубок “Лариса Попугаева”, “Профессор Одинцов” …, “Каюр” и.т.д.” Өссө: “Стоимость алмаза “Каюр” весом 53,85 карата составила 111361 доллар” — диэн чуолкайдаммыт. Манна суруллубут “Каюр” алмааска биһиги биир дойдулаахпыт Андрей Яковлевич туох эмэ сыһыаннааҕа буолаарай.
Экспэдииссийэ иккис сылыгар Афанасьев Иван Федотович оннугар, эмиэ 1 Күүлэт олохтооҕо 1936 сыллааҕы төрүөх Иванов Иван Ивановиһы Амакинскай экспэдииссийэ сирдьитинэн ыыталлар. Ити кэмҥэ сэбиэскэй экспедииссийэ Амакинскай диэҥҥэ уларыйбыт кэмэ эбит. Андрей Яковлевич кэпсииринэн, Иванович сүрдээх сүрэхтээх, туругас-олоругас, сатабыллаах буолан, Түҥнээҕи Амакинскай экспэдииссийэҕэ 3 сыл устата сүрдээҕин тапсан, санаалара кэлэн бииргэ үлэлээбиттэр.
Алмаас көстүүтэ төһө да сэкириэккэ тутулуннар, Түҥ өрүс тардыытыгар хас да сиргэ алмаас көстүбүтэ биллэр. Чинчийбит үлэлэрин түмүгүнэн, Амакинскай экспэдииссийэ: «Түҥ өрүс баһыттан атаҕар диэри алмаас баайдаах эбит», – диэн быһаарбыт.
Бу кэскиллээх үлэҕэ сирдьитинэн сылдьыбыт биһиги биир дойдулаахтарбыт: Иванов Иван Иванович 1936 сыллаахха Бүлүү улууһун Балаҕаччытыгар 7 оҕолоох Ивановтар диэн ыалга сэттис оҕонон төрөөбүт. Бэйэтин кыанар буолуоҕуттан ыарахан үлэҕэ эриллибит, 1956 сылга диэри табаһыттаабыт, 1956-1959 сылларга Түҥнээҕи алмааһы көрдүүр Амакинскай экспэдииссийэҕэ сирдьитинэн үлэлээбит. Салгыы саҥа дэриэбинэни тутууга болуотунньугунан, кадровай булчутунан, тракториһынан үлэлээбит. Үлэҕэ килбиэнин иһин о.д.а мэтээллэрдээх, улуус, сопхуос элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Иван Иванович 1972 сыллаахха 6 оҕотун, кэргэнин Иванова Анна Петровнаны тулаайах хааллартаан, үлэлии сылдьан суол быһылааныгар түбэһэн хомолтолоохтук өлбүтэ.
Иванович огдообото Анна Петровна ахтара: «Кэргэним Уйбаан экспэдииссийэҕэ үлэлээбит кэмнэригэр, кини суоҕар фермаҕа үлэлии-үлэлии иккитэ оҕоломмутум. Үлэлээн бүтэн кэлэригэр убаһа саҕа Динка уонна Пират диэн ыттары аҕалбыта. Геологтар бэлэхтээбиттэр үһү. Пилорама диэн тутууга абыраллаах тэрил баарын туһунан кэпсиирэ. Кэлин дэриэбинэ саҥа тутулларыгар ону үтүгүннэрэн оҥорбуттара», – диэн кэпсиирэ. Аҕаларын Амакинскай экспэдииссийэ бэтэрээнэ оҥорботохторуттан наһаа хомойоро. Түҥнээҕи алмааһы көрдүүр улэҕэ 3 сыл сирдьитинэн, ындыыһытынан сылдьыбыта. Билигин Иван Ивановичтан 7 оҕо, 40-ча сиэн баар.
Афанасьев Иван Федотович 1920 сыллаахха Төҥүргэстээххэ 4 оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт. Оҕо эрдэҕиттэн кыанар буолан, олоҕун улахан аҥаарын таба иитиитигэр анаабыт. 1955 сылга диэри табаһытынан, кадровай булчутунан үлэлээбит. 1955-1956 сс. Бүлүү сүнньүгэр алмааһы көрдүүр Сэбиэскэй экспэдииссийэҕэ сирдьитинэн уонна ындыыһытынан үлэлээбит. Салгыы төрөөбүт холкуоһугар табаһытынан уонна кадровай булчутунан үлэлиир. Улууска хас да төгүл бастыҥ булчуттар ахсааннарыгар киирсэн, элбэх махтал суруктардаах, Үлэ бэтэрээнэ. 2000 с. 80 сааһыгар сүрдээх тэтиэнэх сылдьан, эмискэ күн сырдыгыттан маппыта. 7 оҕо амарах аҕата, 20-чэ сиэн эйэҕэс эһэтэ этэ.
Бу икки алмааһы кэрдүүр экспэдииссийэ тыа сирин сэмэй сирдьиттэрэ Түҥ өрүс кистэлэҥин туппутунан, олохторугар ханнык да чэпчэтиилэри көрбөккө, анараа дойдуга айаннаатахтара. Икки элбэх оҕолоох огдооболор, аҕалара тыыннаахтарына, туох да болҕомтоҕо ылыллыбатахтарыттан олус хомойоллоро, хараасталлара. Кинилэри кытта сылдьыбыт атын сир үлэһиттэрэ Амакинскай экспэдииссийэ бэтэрээннэрэ буолбуттарын туһунан иһиттэллэр даҕаны, тыа сирин сэмэй олохтоохторо күлүккэ саҥата суох хааллахтара…
Андрей Яковлевич Федоров 1933 с. муус устар 15 күнүгэр Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр 4 оҕолоох ыалга иккис оҕонон төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн хара улэҕэ эриллэн, барыны бары сатыыр, үлэһит буола улааппыта инники олоҕор улахан суолталаах буолбута. 1955-1959 сылларга Түҥнээҕи алмааһы көрдүүр Сэбиэскэй, Амакинскай экспэдииссийэлэргэ сирдьитинэн уонна ындыыһытынан барыта 4 сыл үлэлээбитэ.
Экспэдииссийэ кэннэ син биир үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Ол курдук, кыһыҥҥы кэмҥэ табаһытынан, биригэдьииринэн, салгыы кадровай булчутунан о.д.а араас үлэлэргэ үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан кэлбитин туһунан бырабыыталыстыба, оройуон, сопхуос араас наҕараадалара туоһулууллар. Ол курдук оройуон икки төгүллээх чемпион булчута, Бүлүү оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, сопхуос 3 төгүллээх чемпион булчута. Ыччаттары тутуу кистэлэҥэр уһуйан, дэриэбинэҕэ детсад, почта, кулууп курдук улахан тутуулары киллэрбитэ. 15 сыл окко оҕо звенотун салайан үлэлэппитэ. Оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын айылҕаҕа сыһыаран, сайын аайы хонуктаах похуоттарга барсан айылҕа араас кистэлэҥнэригэр үөрэтэр.
Андрей Яковлевич санаатын этэр: «Билигин 90 саастаахпын. Кыһын муҥхалыырым, сайын окко сылдьарым. Оҕолорбун, сиэннэрбин тутууга сыһыаран үлэлэтэрим. Айылҕабар тахсыбатахпына тэһийбэппин. Былырыыҥҥыттан сырыыга кыайан сылдьыспат буолан эрэбин. Үйэ уларыйда. Билиҥҥи ыччат өйө-санаата атын хайысханан барда. Урукку оҕолору үлэҕэ сыһыаран хайаан да ый аҥардыыта үлэлэтэр буолаллара. Оҕону үлэнэн иитиэххэ. Олохторугар ол туһалаах. Кэнэҕэс хайдах сүөһү-ас тэринэн аһыахтарын билбэппин. Аныгы ыччат сылаабай. Киһилии үлэҕэ, сатабылга, олоххо иитиэххэ наада. Оччоҕо саха саха буолар. Тыа сиригэр чөмөхтөөн үөрэтэр киһи бэрт буолуох этэ. Үлэ кытаанах өттүн билиһиннэриэххэ. Оччоҕо олох олох буолуо”.
Андрей Яковлевич быйыл муус устарга 90 сааһын томточчу туолбута. 8 оҕо тапталлаах аҕата, 20-ча оҕо эйэҕэс эһээтэ, 30-ча оҕо хос эһээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: