Бүлүү өрүскэ 4 киһилээх оҥочо түҥнэстибит
24.09.2023, 15:24
Ааптар хаартыската
Бөлөххө киир:
ЫБММ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, Сунтаар улууһугар Бүлүү өрүскэ түөрт киһилээх мотуордаах оҥочо түҥнэстибит.
Ол курдук дьон сүппүтүн туһунан иһитиннэриини киллэрбит киһи кэпсээбитинэн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтиттэн бииргэ үлэлиир кэлиэгэлэрэ мотуордаах оҥочонон балыктыы барбыттар. Билиҥҥи туругунан барыларын төлөпүөннэрэ арахса сылдьар.
Сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ 24 киһи, 8 техника үлэлиир, ол иһигэр ГИМС Сунтаардааҕы учаастагыттан, СӨ Быыһыыр сулууспатыттан уо.д.а.
Бүгүн ГИМС үлэһиттэрэ Сунтаартан 4 км сиргэ түҥнэстибит мотуордаах оҥочону буллулар. Итиэннэ биир киһи өлүгэ көстүбүт.
+1
1
+1
2
+1
+1
1
+1
18
+1
1
+1
5
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: